Бүгүн, алтынньы 15 күнүгэр, биир дойдулаахтарыгар туһаайан, Мичил Кимович, анал видео устан, Сахапарламент.ру саайтыгар ыыппытын таһаарабыт.
- Үтүө күнүнэн, биир дойдулаахтарым! Балаҕан ыйын бүтүүтэ бэбиэскэ тутан, сарсыҥҥы күнүгэр байыаннай чааска көппүтүм. Манна икки нэдиэлэттэн ордук кэм байыаннай бэлэмнэниини аастыбыт. Мин аттыбар хорсун санаалаах биир дойдулаахтарым - саха ыччата бааллар.
Анал байыаннай операцияҕа кытта сылдьар саха ыччатынан киэн туттабын. Ас-үөл, туттар тэрил, саҥа байыаннай таҥас-сап -- барыта баар.
Бу күннэргэ байыаннай дьайыылар буола турар сирдэригэр барыахтаахпыт. Антах тиийэн, инструктаһы ааһан, сулууспабытын саҕалыахтаахпыт. Барыта этэҥҥэ. Настрой үчүгэй. Саха ыччатын аатыттан биир дойдулаахтарбар эҕэрдэбитин тиэрдэбин!
Сыалбыт – туруоруллубут соруктары толоруу. Дойдубутугар этэҥҥэ эргиллэн тиийэр баҕа санаалаахпыт. Бэйэҕитиҥ харыстааҥ, мээнэ сымыйа сурахтарга итэҕэйимэҥ, мэлдьи ининнигэ эрэллээх буолуҥ! Үрүҥ күн баарын тухары биһиги баарбыт! Аҕыйах хонугунан барыта бүтүө диэн бигэ эрэллээхпит. Сотору көрсүөхпүт. Саха Сиригэр кыайыы көтөллөөх тиийиэхпит уонна утары көрсөн олорон ирэ-хоро кэпсэтиэхпит. Махтал!
- 6
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0