Тэрилтэ пиибэ уонна алколольнайа суох бородууксуйа технолога Юрий Спиридонов этэринэн саҥа утах РНА СС Криолитозона биологическай проблемаларын институтун кытта кыттыгас үлэ түмүгэ буолар: «Маны сэргэ Аан дойдуга биллэр улахан фирма хаачыстыбаннай компоненнарын үлэһэн ылан туттабыт. Утах састаабын үөрэтиигэ, туһалаах, амтанныын минньигэс буоларын туһугар икки сыл үлэлээтибит».
Саҥа бородууксуйа маҕаһыыҥҥа атыыланар импортнай энергетик курдук буолбатах. Өскөтүн кэлии энергетическэй утахтарга састаабар кофеин, таурин курдук сэниэ биэрэр компоненнар нуорманы таһымныыр уонна саахары олус элбэҕи кутар буоллахтарына, «YES» састаабар саахара аҕыйах уонна бу этиллибит компоненнар кыра дозанан туттуллубуттар. Онон спортсменнарга, эти-ханы эрчийиинэн ситимнээхтик дьарыктанар дьон сылайан баран, түргэнник чөлгө түһэллэригэр көмөлөөх. Итиэннэ утах бары допинг хонтуруолу ыытар тэрилтэлэр бобуулаах испииһэктэригэр киирсибэт.
Саҥа утах Дрезден, Москуба уонна Санкт-Петербург институттарыгар бэрэбиэркэни ааспыт.
Билигин «YES» «Якутия» ФАПК маҕаһыыннарыгар атыыга тахсан турар. Сыаната 70 – 78 солк. дылы халбаҥныыр. Тэрилтэ тас дойдуга атыыга барарга номнуо хас даҕаны судаарыстыбаны кытта дуогабар түһэрсибиттэр.
Саҥа утах састаабын, хайдах оҥоһуллубутун уонна киһи доруобуйатыгар хайдах дьайарын сиһилии «Ил Түмэн» хаһыат кэлэр нүөмэригэр ааҕыҥ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0