Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -33 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Бүгүн, тохсунньу 27 күнүгэр, Байыаннай албан күнэ – Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ Ленинград куорат фашистар төгүрүктээһиннэриттэн босхоломмут күнэ бэлиэтэнэр.

Бүгүн, тохсунньу 27 күнүгэр, Байыаннай албан күнэ – Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ Ленинград куорат фашистар төгүрүктээһиннэриттэн босхоломмут күнэ бэлиэтэнэр.

Бэрэсидьиэн Владимир Путин Ленинград көмүскээччилэрин уонна олохтоохторун хорсун быһыыларын Арассыыйа норуота умнубатын бэлиэтээбитэ.

– Ленинград куорат өстөөх блокадатыттан толору босхоломмута 80 сылын бэлиэтээһин чэрчитинэн, Бүтүн Арассыыйатааҕы «Хорсун быһыы 900 күнэ» аахсыйанан өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх дьаһаллар тэриллэллэр. Библиотекаларга быыстапкалар, көрсүһүүлэр, онлайн-викториналар, иитэр-үөрэтэр кыһаларга анал кылаас чаастара ыытыллаллар, оскуола үөрэнээччилэрэ уонна устудьуон ыччаттар аҕа көлүөнэ хорсун быһыытынан киэн туттунуулаах патриотическай санааҕа иитиллэллэр, дойду историятын сыаналыырга үөрэнэллэр, – диир Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина.

Бүгүн сарсыардаттан Дьокуускай куорат «Туймаада», «Экспо», «Проспект», «Ураса Молл» эргиэн кииннэригэр «Блокада килиэбэ» Бүтүн Арассыйатааҕы аахсыйа саҕаланна.

Күнүс 12:00 чаастан Кыайыы болуоссатыгар Ленинград куорат фашистар төгүрүктээһиннэриттэн толору босхоломмут күнүнэн сибэкки дьөрбөтүн ууруу тэриллиэҕэ. Бу туһунан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.



  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
Уопсастыба

Үбүлээһин аччатыллыбат

Буолаары турар пленарнай мунньаҕы көрсө норуот дьокутааттара «Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2027…
22.11.26 15:36
Уопсастыба

Куоркун турнирын түмүктэрэ

Сэтинньи 20-21 күннэригэр Дьокуускайга ыытыллыбыт Д.П. Куоркун кэриэһигэр көҥүл тустууга…
22.11.26 14:21