Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -10 oC

-Саха Сирин норуоттарын VIII спортивнай оонньууларын аһыллыыта улахан өйдөбүлү хаалларда. Бастатан туран, Саха АССР 100 сылын бэлиэтиир сылбытыгар бу оонньуулар ааһаллара үтүө суолталаах. Аҕыс оонньууттан иккитэ Бороҕоҥҥо ыытыллара эмиэ бэлиэ түгэн.

-Саха Сирин норуоттарын VIII спортивнай оонньууларын аһыллыыта улахан өйдөбүлү хаалларда. Бастатан туран, Саха АССР 100 сылын бэлиэтиир сылбытыгар бу оонньуулар ааһаллара үтүө суолталаах. Аҕыс оонньууттан иккитэ Бороҕоҥҥо ыытыллара эмиэ бэлиэ түгэн.

Оонньуулар аһыллыахтарын иннинэ буурҕа түһэн тутуулары, балааккалары суулларбыта, дьону эчэппит этэ. Ол да буоллар, туох баар алдьатыы биир түүн иһигэр туоратыллыбыта. Аһыллыыны ыспат туһугар нэһилиэнньэ тахсан көмөлөспүтэ. Бу – Уус Алдан оройуонун олохтоохторо улахан эппиэтинэстээхтэрин туоһута. 35 улуус дэлэгээссийэтэ спорт 16 көрүҥэр кытта кэлбитэ.

16 көрүҥ диэн элбэх. Мин Нам уонна Чурапчы улуустара волейболга күрэхтэһэллэрин көрбүтүм. Таһымнара үрдүк эбит диэн өйдөбүл хаалла. Оттон аһыллыытыгар култуурабытын, таҥаспытын, устуоруйабытын көрдөрбүттэриттэн улаханнык астыммытым. Режиссердарга махтанабын. Былыргы кэмнэртэн саҕалаан, өрөспүүбүлүкэбит билиҥҥи устуоруйатыгар тиийэ кэрдиистэр көрдөрүлүннүлэр. Ол курдук, САССР 100 сылыгар анаан бастакы партийнай, судаарыстыбаннай салайааччыларбыт тустарынан көрдүбүт. Олус маассабай тэрээһин буолла. Биһиэхэ маннык тэрээһиннэри туруоралларын сатыыллар. Ол да буоллар, хас биирдиитэ бэйэ-бэйэтигэр майгыннаабат буолар. Бу композициялар историческай ис хоһоонноро урукку туруорууларга эмиэ хатыламматаҕа. Олус чаҕылхай аһыллыыга ыччаттар, бэтэрээннэр кытыннылар.

Ол гынан баран, Аллараа Халыматтан дэлэгээссийэ кэлбэтэх. Кэлэргэ харчы булбатахтар эбит. Ити сыыһа буоллаҕа дии. Инньэ гынан, Аллайыахаттан биир эрэ спортсмен кыттар.

30611680 ac23 40d3 a584 1d1bda52b75c 1

Атын хотугу улуустар дэлэгээссийэлэрэ эмиэ аҕыйахтыы киһилээхтэр. Онон хотугу улуустарбытыгар болҕомто ууруохпутун наада. Билиҥҥи үп өттүнэн уустук кэмҥэ Оонньуулары тэрийиигэ наһаа ороскуотурбакка, бүддьүөтүн наһаа улаатыннарбакка, кэмчилээн дьаһаныахтаахпыт. 

Күрэхтэһиилэр кэмнэригэр спортсменнарга ситиһиилэри баҕарабын. Эчэйии, мөккүһүү суох буоллун. Ким күүстээх – ол кыайдын! -- диир Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы  Виктор Губарев.

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением