Ол курдук, ыам ыйын 9, 10, 11 күннэригэр бултуурга көҥүл тохтобула суох бэриллиэ. Дьокуускайга үс сиргэ: 202 мкр, 18/2, Свердлова уул. 14, Курашова уул. 46 аадырыстарга сааскы булка көҥүл ылыахха сөп.
Маннык дьаһал өрөбүлэ суох ыытыллара бултуу барыан баҕалаах олус элбэҕин туоһулуур. Ол, биллэн турар, элбэх дьону биир сиргэ тоҕуоруһарын сэрэтэр аналлаах. Коронавирус ыарыыга элбэх дьон мустара доруобуйаҕа охсуулаах буолуон сөбүн бары билэбит. Онон бултуу барар дьон үс бүк сэрэх буолара ирдэнэр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0