Бу бырааһынньыгы ССРС үрэллибитин кэннэ бэлиэтиир буолбуттара. Триколор аан бастаан 350 сыл анараа өттүгэр үөдүйбүтэ, оттон Сэбиэскэй былаас саҕана кыһыл былаах тэлибириирэ. 1991с. Арассыыйа үрдүнэн үрүҥ, күөх, кыһыл өҥнөөх былаах күөрэйбитэ. Былаах үрүҥ өҥө ыраас буолууну, эйэни кэрэһилиир, халлаан күөҕэ духуобунас бэлиэтэ, кыһыл — күүстээх буолуу уонна Аҕа дойду туһугар тохтубут хааны туоһулуур.
Атырдьах ыйын 22 күнүгэр дойду хас биирдии муннугар Арассыыйа былааҕар анаммыт патриотическай аахсыйа, быыстапка, флешмоб ыытыллар.
- 6
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0