Бүгүҥҥү Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэйэ-бэйэҕэ бэриниилээх буолуу күнүгэр 7 оҕолоох моонньоҕон уста сылдьарын хаартыскаҕа түһэрэн ыыппыттар.
Бу кус ыам ыйыттан элиэтиирин Сайсары күөлтэн чугас олорор дьон күннэтэ көрөбүт. Куорат сирэ буолан, ким да кинини тыыппатын, ыппатын өйдөөбүт, онон хоту көппөккө, манна уйа туттан, сымыыттаан, билигин номнуо оҕолорун батыһыннара сылдьар.
Соҕуруу куорат иһинээҕи күөллэргэ бэйэлэрэ куһу-хааһы олохсуталлар. Дьон-сэргэ көрөн манньыйдын диэн. Оттон биһиэхэ айылҕа бэйэтэ үөскэтэн-тэнитэн эрэрэ кэрэхсэбиллээх. Эһиил өссө элбээн, эбэбит көтөр кынаттааҕынан киэркэйиэ, тупсуо этэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0