Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -16 oC

Саҥа дьыл буолара аҕыйах хонук хаалла. Төһө бэлэмнэнэн эрэҕит? Бука, бырааһынньыктааҕы сүпсүлгэн саҕаламмыта буолуо: маскараат оҥостуута, дьиэни киэргэтии, бэлэх атыылаһыыта, о.д.а

Саҥа дьыл буолара аҕыйах хонук хаалла. Төһө бэлэмнэнэн эрэҕит? Бука, бырааһынньыктааҕы сүпсүлгэн саҕаламмыта буолуо: маскараат оҥостуута, дьиэни киэргэтии, бэлэх атыылаһыыта, о.д.а

Хаһаайын баарын биллэрбит

Илиҥҥи халандаарынан 2022 сыл бэлиэтэ – Баабыр. Оннооҕор олоҥхобутугар бу кыыл туһунан ахтыллан ааһар. Онон өбүгэ саҕаттан билэр адьырҕабыт быһыылаах.

Билигин Саха сиригэр биир тигр баар: “Орто Дойду” зоопаркатыгар Амур сирин эриэн-быраан кырасаабыссата Анечка олорор.

анечка

Оттон баабыр  чуучулатын Ем. Ярославскай аатынан судаарыстыбаннай мусуойга көрүөххэ сөп.

scale 1200

Бу икки миэтэрэ уһуннаах уонна 240 кг ыйааһыннаах “улахан куосканы” 1905 сыллаахха Уус Маайа булчута Петр Захаров Эдьээн бөһүөлэгиттэн 80 км тэйиччи сиргэ өлөрбүт. Эрэйдээх бачча тымныыга Уссурийскай тайҕатыттан мунан кэлээхтээбит.

tigr2

Ити да иннинэ баабырдар биһиги тымныы дойдубутугар “ыалдьыттаан” ааһаллар эбит. Ону Р.Маак, А.Бестужев-Марлинскай уо.д.а. суруйуулара туоһулууллар.

Оттон бу соторутааҕыта Алдаҥҥа тигр атаҕын суолун көрбүттэрин туһунан сонун тарҕаммыта. Бу диэки үктэммэтэҕэ үйэ аҥаара буолан баран биллибит. Бука, бэйэтин сыла кэлэн иһэрин санатан ааспыта буолуо диэн, дьээбэлэнэн билгэлээбитэ буолуохха.

09d8878e60e8bcd8370d436594bec6b6

 Хорсуннары хатаҕалыа

2022 сылбыт бэлиэтэ халлаан күөҕэ Баабыр эбит. Кытайдар халлаан күөҕү уларыйыы өҥүнэн ааҕаллар. Онон бу сылга олох бары эйгэтигэр элбэх уларыйыы буолуоҕун сабаҕалыыллар.

Баабыр диэн кутуйах, да куобах да буолбатах, кыра аайыттан куттаммат, бэйэтигэр эрэллээх дьоһун уонна холку кыыл. Тыаһа суох аа-дьуо сылдьарын сөбүлүүр. Ол эрээри наада буоллаҕына, аһыы тииһин кимиэхэ баҕарар килэтиэн сөп. Ол иһин кини бэйэтин курдук хорсун, быһаарыылаах, харса суох уонна арыый уолҕамчы соҕус майгылаах дьоҥҥо быйыл үтүөнэн сабыдыаллыаҕа. Уопсайынан,кэлэр сылы Сыалбын көрөбүн, мэһэйдэри билиммэппин» диэн девизтээх атаарыахтаахпыт. Ол аата соруммуппутун ситиһэргэ, толкуйдаабыппытын толорорго, баҕарбыппытын баар гынарга, туохха эмэ холонон көрөргө тоҕоостоох дьыл үүнэр. Кытаатыҥ, баабыр курдук буойуннуу килбиэннээх, хоһууннуу хоодуот буоларга дьулуһуоҕуҥ!  

Хайдах көрсөбүт?

Баабыр аһымньылаах сиэмэх кыыл. Онон Саҥа дьыллааҕы сандалыга эттэн, балыктан араас бүлүүдэни ууруоххутун сөп.

Бу ардай аһыылаахпыт ол-бу эбисийээнэлэри эҥин кытта бодоруспат, соҕотох сылдьарын ордорор. Онон Саҥа дьылы хампаанньанан ыла сатаамаҥ, ол оннугар дьиэҕит иһинэн, чугас дьоҥҥутун кытта чөкө олорон, сэмэйдик бэлиэтээҥ.

golub1 668x445

 Адарай аһыылаахпыт айылҕа оҕото буолан, барыта натуральнайы сөбүлүүр. Ол аҥаардас кэтэр таҥаскыт матырыйаала эрэ буолбатах, барытыгар сыһыаннаах: түннүк сабыыта, ыскаатар, салпыаккалар... Лүөнтэн эҥин буолаллара ордук. Аскытын курустаал иһиттэргэ кутарга сүбэлииллэр .

 Баабыр дьүһүнүгэр уонна кини сылдьар эйгэтигэр дьүөрэлээн, от күөҕэ, бороҥ, саһархай, хара, үрүҥ өҥнөрүнэн дьиэҕитин киэргэтиҥ, таҥаскытын эмиэ оннук наардаан талыҥ. Куоска быһыылаах киэргэли эҥин кэтэри боболлор.

Аны, хаһаайыммыт тыа кыыла буолан, тыыннаах харыйаны туруора сатааҥ. Кыаллыбыт буоллаҕына, лабаата да баара үчүгэй. Халлаан күөҕэ оонньуурдарынан симээҥ.

Манна даҕатан эттэххэ, ахсынньыга Саха сирин олохтоохторо харыйаны бэйэлэрэ кэрдэн ылар кыахтаннылар. Бу туһунан ойуур хаһаайыстыбатын тэрилтэтэ  иһитиннэрдэ. Онуоха кинилэргэ тиийэн, дуогабар түһэрсэҕит. Тыаҕа тахсаргытыгар, ол докумуоҥҥутун умнумаарыҥ, илдьэ бараарыҥ, бэрэбиэркэлиэхтэрин сөп.

Дьэ, күөх лаглайаанабыт сыаната төһө эбитий?

1 м диэри – 45,26 солк.;
1,1-2 м – 70,41 солк.;
2,1-3,0 м – 150,87 солк.;
3,1-4 м – 208,70 солк.;
4,1 м үрдүк – 266,54 солк.
Чэпчэкитэ сүрдээх дуу?  Ол оннугар уоран кэрдээччилэргэ ыстарааба добуочча: 3000-4000 солк. 

 Чэ, куһаҕаны санаамыахха. “Үөрэ-көтө көрүстэххэ, сылыҥ оннук үчүгэйдик ааһар, --  дииллэр эбээт. Саҥа дьыл түүн түннүккэ кэлэн ырдьыгыныахтаах эбиппит. Ол аата ситиһиини, харчыны уонна нус-хас олоҕу ыҥырабыт.

 Баабыр бэйэтин наһаа таптыыр кыыл. Онон маанытык оҥостооруҥ, дьиэҕитин-уоккутун бырааһынньык иннинэ сууйаарыҥ-сотооруҥ. 

Хаартан-муустан оҥоһуктар

 Кэлиҥҥи сылларга дьон сыл бэлиэтин маассабайдык оҥорор буолла: ким балбаахтан, ким хаартан, ким муустан.

1 66

Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр учуутал Миитэрэй Баппаҕай дэгиттэр талааннаах. Үчүгэйдик уруһуйдуур уонна уһанар буолан, бу илэ хамсаан кэлиэх курдук баабыры оҥорбут.

2 31

Сунтаар улууһун Түбэй-Дьаархан нэһилиэгин “Кураҕаччы” түөлбэтин олохтоохторун үлэтэ.

3 20

Амма улууһун Покровкатыгар олорор, норуокка биллэр маастар Аполлон Захаров тигр кыыла.

4 19

Таатта улууһун Ытык Күөлүгэр пенсионнай дьиэтин иннигэр үлэһиттэрэ Юрий Аржаков,  Алексей Торговкин, Александр Саввин  дьүһүйүүлэрэ.

872a80a1 7a7b 4f38 94d2 18ff13e175ff

Уус Алдан улууһун Сыырдаах нэһилиэгин олохтооҕо Василий Копырин балбаахтан оҥордо.

d2ec7569 c923 446a a642 29ae0d3539b4

Намҥа Н.М.Рыкунов аатынан бибилэтиэкэ иннигэр маҥан тигр. 

36cb1bdb d67f 4978 8166 a125c6823400

Нам улууһун Хамаҕатта "Сарыал" оҕо уһуйаанын тиэргэнигэр Христофор Аммосов оҥорбут баабыра.

b9fc1e4e 22e1 4d86 b889 5462c36c27af

Томпо улууһун Кириэс Халдьаайытыгар олорор Аграфена Акимова бэртээхэй дьүһүйүүтэ. 

e657612e 3231 415d b2f8 b5aa4dbee7c1

 Аммаҕа Аполлон Захаров өссө биир айымньыта. 

 

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением