Сахабыт сирин гражданскай авиациятын флагманын уруйдуур-айхаллыыр үөрүүлээх күн олохторун авиацияҕа анаабыт бэтэрээннэри, билигин үлэлии сылдьар кэлэктииби Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев дьокутааттар ааттарыттан эҕэрдэлээтэ.
Кини өрөспүүбүлүкэ ол кэминээҕи Бэрэсидьиэнэ Вячеслав Штыров сөптөөх быһаарыныы ылынан, «СахаАвиа» уонна «Якутские авиалинии» холбоон, «Якутия» авиахампаанньа 2002 с. төрүттэммитин бэлиэтээтэ.
«Сүүрбэччэ сыл тухары Сахабыт Сирин дьоно олохтоох авиахампаанньаны таларга дьулуһаллар. Дьокутааттар эмиэ куруук өйүүллэр, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн ылынарга, көннөрүү киллэрэргэ сороҕор мөккүһүү тахсааччы, бырабыыталыстыба субсидия быһыытынан көмө оҥорооччу.
Онтон 2023 с. бүддьүөтү ылынарга авиахампаанньаны өйүүргэ, субсидия биэрэргэ боппуруос турбатаҕа. Тэрилтэ 2022 с. барыстаахтык түмүктээтэ, онон көмөҕө наадыйбата. Авиахампаанньа сөмөлүөттэрэ хойутуулларын туһунан үҥсүү-хаңсыы нэһилиэнньэттэн киирбэт буолла. Бу эмиэ үчүгэй көрдөрүү.
Үүммүт саҥа сыл авиация салаатыгар ситиһиини аҕаллын, сөмөлүөттэр пааркалара аныгы саҥа тиэхиньикэнэн саҥардыллан истин, авиахампаанньа албан аата кэнэҕэс көлүөнэҕэ ааттана турдун, өрөгөйдөөх дьоһун үбүлүөйдэр салҕанан истиннэр!» — диэн эттэ Алексей Еремеев.
Кини дойду киин сириттэн тэйиччи, бириэмэ атын кэрчигэр сытар Сахабыт Сирэ бэйэтэ авиахампаанньалаах буолуохтааҕын, кинини өрө тутуохтаахпытын, өйүөхтээхпитин санатта.
Парламент спикерин кытта үбүлүөйдээх тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Виктор Губарев, Ил Түмэн урбааҥҥа, туризмҥа уонна инфраструктураны сайыннарыыга бастайааннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Игорь Григорьев.
Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев «Якутия» авиахампаанньа генеральнай дириэктэригэр Андрей Винокуровка эҕэрдэ сурук уонна өйдөбүнньүк бэлэх туттарда (сүрүн хаартыскаҕа).
Өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар кылаатын иһин Ил Түмэн Бочуоттаах грамотатын Алексей Еремеев «Якутия» авиахампаанньа бортпроводнигар Юрий Бровиҥҥа туттарда. Өрөспүүбүлүкэ социальнай- экэнэмиичэскэй олоҕор ситиһиилээх үлэтин иһин Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин Махтал суругун «Якутия» авиахампаанньа инженерэ Алексей Герасимов уонна медико-санитарнай чаас начаалынньыгын солбуйааччы Андрей Иванов ыллылар.
20 сыл иһигэр олохтоох авиахампаанньа 14 мөл. кэриҥэ пассажиры тиэйдэ, Арассыыйа араас куораттарыгар, тас дойдуларга Сахабыт Сирин албан аатын ааттатта.
Үбүлүөйдээх дьоро киэһэҕэ олохтоох авиация бастыҥ үлэһиттэригэр үрдүк наҕараадалары туттардылар. Тэрилтэ бастакы генеральнай дириэктэригэр Иван Проститка, «ЯК» диэн авиахампаанньа бастакы рейсин толорбут салгын суудунатын хамандыырыгар Владимир Компаниецка уонна идэлэригэр бэриниилээх авиатордарга «Якутия» авиахампаанньа Бочуоттаах үлэһитэ» диэн дьоһун ааты иҥэрдилэр.
Биир идэлээхтэрин Внуково, Дьокуускай, Байкал аэропорт, «АЛРОСА», «Полярные авиалинии» авиахампаанньа, Уһук Илиҥҥи Сибиир аэронавигациятын, ФКП «Хоту дойду аэропортара» тэрилтэ салалтата, о.д.а. эҕэрдэлээтилэр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0