Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -37 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Дьокуускай аэропуордугар сөмөлүөт түһэр-көтөр балаһатын өрөмүөнэ салҕанар. 2023с. бэс ыйын 16 күнүттэн саҥа балаһа кээмэйэ 1800 м. тиийдэ, урут 1650 м. этэ. Онон Boeing-737-800, Sukhoi Superjet 100 уонна Airbus 320neo түһэр кыахтаныахтара. Ол туһунан олохтоох аэропуорт пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

         S7 авиахампаанньа Новосибирскайга нэдиэлэ устата сууккаҕа 5 рейсэ оҥоруоҕа, Иркутскайга күн аайы, Владивостокка нэдиэлэҕэ түөртэ көтүөҕэ.

        «Якутия» авиахампаанньа Москваҕа Нижневартовскай нөҥүө көтөр, онно 40 мүн. тиэхэньиичэскэй тохтобул оҥоһуллар. Санкт-Петербург куоракка көтөрүгэр Екатеринбурга, Сочига, Минеральные Воды барарыгар Москваҕа тохтоон ааһар. Сибиир, Уһук Илин куораттарыгар рейсэ салҕаныаҕа. Ону таһынан, Дьокуускай – Харбин рейсэ аһыллыаҕа.

         Бэс ыйын 17 күнүттэн «Уральские авиалинии» авиахампаанньа нэдиэлэҕэ түөртэ Екатеринбург куоракка көтөр. Итиэннэ «КрасАвиа» авиахампаанньа Красноярскайга көтөрүн курдук кэпсэтии бара турар.

         Өрөспүүбүлүкэ иһигэр көтөр рейсэлэргэ сөмөлүөт түһэр-көтөр балаһатын өрөмүөнэ сабыдыаллаабат.  

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
Уопсастыба

Үбүлээһин аччатыллыбат

Буолаары турар пленарнай мунньаҕы көрсө норуот дьокутааттара «Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2027…
22.11.26 15:36
Уопсастыба

Куоркун турнирын түмүктэрэ

Сэтинньи 20-21 күннэригэр Дьокуускайга ыытыллыбыт Д.П. Куоркун кэриэһигэр көҥүл тустууга…
22.11.26 14:21