Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

Украинаҕа анал байыаннай операция бүтэрин, дойду националистартан уонна сэрии сэбиттэн босхолонорун, атаҕастааһын тохтуурун, билиҥҥи суут-сокуон уонна дьон-өйө санаата уларыйарын бары кэтэһэбит.

Украинаҕа анал байыаннай операция бүтэрин, дойду националистартан уонна сэрии сэбиттэн босхолонорун, атаҕастааһын тохтуурун, билиҥҥи суут-сокуон уонна дьон-өйө санаата уларыйарын бары кэтэһэбит.

Кэлиҥҥи аҕыс сылга Украинаҕа былааһы националистар бэйэлэрин илиилэригэр ыллылар, Верховнай Рада уонна правительство ыытар политиката Россияны утары, оскуолаҕа нуучча тыла уонна уулуссаҕа нууччалыы саҥарар бобуллубута, политиканы сөбүлээбэт дьон бастыҥнарын хаайбыттара эбэтэр өлөрбүттэрэ, НАТО-ҕа киирэр, ядернай ракеталары оҥорор, НАТО базаларын олордор баҕалаахтар.

        Донецкай уонна Луганскай народнай республикалары 8 сыл устата сэриилээн, 14 тыһыынча дьону, оҕону өлөрдүлэр. Кинилэри олох имири эһэргэ 25.02-8.03.2022 кимэн киирэр былааннарын билэн, РФ олунньу 24 күнүттэн анал байыаннай операцияны ыытар. Ити саамай сөп, ону толору өйүүбүн.

         Билигин Луганскай республика территорията 80%, Донецкай республика территорията 50% эрэ босхолонно. РФ байыаннай күүстэрэ Киев куорат таһыгар тиийдилэр эрээри, Украина территориятын 60% өссө да билиҥҥи былаастан ыраастана илик. РФ куорат, бөһүөлэк дьиэлэрин, инфраструктарын алдьаппат, биир да олохтооҕу бааһырдыбат гына высокоточнай сэрии сэбин туттар. 3687 байыаннай объект, ол иһигэр 99 байыаннай сөмөлүөт, 129 пилота суох сөмөлүөт, 115 күргүөмүнэн ытар ракетнай система, 1041 тааҥка уонна БМП, 389 артиллерийскай установка уонна миномёт суох оҥоһулунна.

         АХШ, НАТО Россияны уруккуттан абааһы көрөллөр, хас да дойдуга хайыта сатыыллар, сорох сирдэрбитин бас билиэхтэрин баҕарбыттара ыраатта. Ол инниттэн бырааттыы Украинаҕа 1991 сылтан идеологияны уларытан, анаан-минээн үлэлииллэр. 2014 сыл государственнай перевороту тэрийбиттэрэ. Билигин Украинаҕа НАТО базаларын тэрийэр былааннаахтар. Оччотугар Москваҕа ядернай боеголовкалаах ракеталар 3-4 мүнүүтэнэн эрэ тиийэр кыахтаналлар, атыннык эттэххэ биһиги кыайан көмүскэммэккэ хаалабыт.

     Украинаҕа  НАТО 19 дойдута сэрии сэбинэн көмөлөһө олорор, 16  тыһыынча омук наемниктарын ыыталлар, славянскай дойдулар уһуннук сэриилэһэллэрин күөртүүллэр. Аан дойдуга 8 сыл тухары уонна билиҥҥи анал байыаннай операцияҕа кэлтэйдии РФ Украинаны сэриилиирин курдук,  дьону, оҕолору өлөртүүрүн, балыыһалары, детсадтары, оскуолалары, электрическэй подстанциялары, олорор дьиэлэри, муосталары алдьатарбыт курдук сымыйаны кэпсииллэр, фейковай хаартысканы уонна соруйан туруоруллубут көстүүлэри, видеону көрдөрөллөр. Онон аан дойду дьоно телефоннарынан, телевизордарынан АХШ, НАТО сымыйа пропагандатын көрөллөр, ону итэҕэйээччи олус элбэх. Сахалар, биһиги, итини итэҕэйиэ  суохтаахпыт.

     Кытай бигэргэтэринэн, Украинаҕа АХШ  бактериологическай сэрии сэбин оҥорор 30 лабораторияныы тэрийэн үлэлэтэр. Оннук тэрилтэлэри РФ сэриилэрэ буллулар, арыйдылар. Кинилэр сибирскэй язва, чума, коронавирус, көтөр уонна сибиинньэ грипптэрин вирустарын оҥорон таһааран, Россия диэки тарҕатыынан дьарыктаналлар. Холобур, сарыы кынакка, балыктарга, үөннэргэ, кумаарга, сахсырҕаҕа, лыахха, дьиэ кыылларыгар уо.д.а. саас ааһар кус, хаас, тураах уо.д.а араас көрөрдөргө сыһыараллар.

      Россияҕа Евросоюз, НАТО дойдулара 6331 санкция биллэрдилэр, ити хаһан да буолбатах рекорд. Ол эрээри Россия экономиката ону тулуйуоҕа, резервнэй саппаас элбэх, сороҕун импортозамещение оҥорон, дойду иһигэр бэйэбит оҥоруохпут.

   Украинаны "Айдар", "Азов", "Торнадо", "С14", "Сечь", "Галичина" о.д.а карательнай батальоннартан, бандеровецтартан уонна националистыы өйдөөх дьонтон уонна сэрии сэбиттэн ыраастаатахпытына эрэ онно эйэлээх олох кэлиэҕэ, Украина нейтральнай государство буолуоҕа.

Билигин күн аайы “режим тишины” биллэрэн куттала суох элбэх маршрут (коридор) оҥорон, нэһилиэнньэҕэ сүүһүнэн автобус биэрэбит да, националистар дьону нэһилиэнньэлээх пууннартан таһаарбаттар, ыыппаттар. Кинилэр дьонтон бүтэһик бородуукталарын, сыаналаах малларын, көмүстэрин былдьыыллар, утарылаһар дьону ыталлар. Сэриилэһэллэригэр даҕаны оҕо, дьахтар кэннилэриттэн хаххаланан ыталлар, тааҥкаларын дьиэлэр аллараа этээстэригэр кистииллэр, дьонноох квартиралары огневой точка оҥороллор, ол иһигэр РФ сэриилэрэ бытааннык, сэрэхтээхтик сыҕарыйаллар.

     Биһиги Президеммит В.В. Путин сөптөөх политиканы оҥорор, график быһыытынан ыытар анал байыаннай операцията тиһэҕэр дылы тиийиэхтээх!  

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением