Иһиллэргэ дылы онно олоххо дьулууру, тулууру хоһуйуу, махталлаах буолууну айхаллааһын, улуу айылҕаны ойуулааһын, бииргэ буолартан бигэ тирэхтэнии, кытта буолартан кыаҕырыы, кэккэлэһэ сылдьартан кэрэтийии, сиэттиһэ сылдьартан сэбэрэлиин сырдааһын, санааттан санаа саҕыллан, күүскэ күүс эбиллэн тылтан тыл төрөөн, дорҕооҥҥо дорҕоон эбиллэн, куйаартан чыычаах ырыата кыттыһан, улам улам улаатан ыраахха дуораһыйар олоҕу уруйдуур ырыа тойук.
Хотун хаанын киллэрбит аар хатыҥ, тойон киэбин туппут чаллах тиит, истэбин тойонуом диирдии төбөтүн өрө көтөхпөккө нөрүөн нөргүйэр иирэ талах, оннуук оннук эн эппитиҥ курдук буоллун диэн илибириир тэтиҥ мас, сөптөөх этии буолла, сөпсөһөбүн диэн биллэ биллибэттик кэҕис гынар бэйэ бодотун хаһан да ыһыктыбат дьоһун бэс, сөөп-сөп дэһэллэр сипсиһэллэрин быыһыгар истибит хахыйахтар. Ити курдук быстыбат ситимнээх, көстүбэт тутулуктаах биир ыал оҕолорун курдук иллээх-эйэлээх аар айылҕа оҕолоро холобур буолардыы биир тыыннаахтар, тэҥ тэтимнээхтэр, дьыл-кэм хайа да туругун баарынан ылынан, дьаһанан -мүһэнэн, сөп түбэһэн хайа да түгэҥҥэ өлөн -охтон биэрбэттэр. Иллээх-эйэлээх, түмсүүлээх буолуоҕуҥ.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0