Кылбаарар, тэлээрэр кынаттаах бииһин ууһа хонууларга, сыһыыларга мунньустан мунньахтара саҕаланна, ыраах айаҥҥа турунары туруоруста, сылаас дойдуга барары таласта. Оҕо өттүн ортотугар уктан, кыаллар өттүн илин-кэлин түһэрэн, үс муннуктуу буолан салгыны тыыран улаҕата көстүбэт унаар-тунаар туонаҕа туппут хайысхаларыттан туораабакка, тиийиэхтээх сирдэрин сирдэтэн, кыстыахтаах кыраайдарын ыйдаран айанныахтара турдаҕа.
Аар тайҕа суугунугар сууланан, ыркыйыгар ыырданан, хоннохторугар хонон, ытыһыгар бигэнэн кыыл-сүөл өлгөмтөн өрүскэлэһэн, быйаҥтан быһаҕалаһан оҕолорун-урууларын улаатыннарда, торулуччу уойда, бырылаччы сыаланна, тириитэ халыҥаата. Бииртэн биир отон аналлаах күнүн куоттарбакка, кэмин көтүппэккэ ситэн-хотон сирилээтэ, харааччы буста, көҕөрчү көрдө, кытара кыыста. Арай уулаах отон тиэтэйбэт сэбирдэҕин анныттан сэрэниин сэрэнэн сэгэтэн көрөр. Хаампыт сирбит хаарыан хампа күөҕэ харысхалга наадыйарын, сүүрбүт-көппүт көнө-налыы хонуубут күөх ньаассын көбүөрэ көмүскэли күүтэрин, чэчирии чэлгийбит,чэмэлийбит чэчиктэрбит чараас эйгэлээхтэрин өйдөөн аар айылҕабытыгар сымнаҕастык сыһыаннаһыаҕыҥ, ийэлии истиҥ-иһирэх, аҕалыы амарах буолуоҕуҥ. Баранан эрэр от ыйа атырдьах ыйыгар тиэрдиэҕэ, сонунтан сонун кэрэ көстүүлэри, саҥаттан саҥа хатыламмат хартыыналары көрдөрүө, сөхтөрүө.
Көмүскэллээх санаалаах олоҕо көмүс курдук күндү, амарах санаалаах олоҕо алмаас курдук арылхайы буоллун. Бииргэ буолартан бигэ санаабыт чиҥээтин, кыаҕыран кыайыы-хотуу кыната кытааттын, кэккэлэһэ сылдьартан кэскилбит кэтирээтин.
Хаартыска: куйаар ситимиттэн
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0