Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

Олох сэһэнин сэгэтиллэбэтэх илииһэ буолан, харах симсэр хараҥаны халбарытан, чуҥкунуур улуу чуумпуну уйгуурдан улаҕа диэкиттэн улам-улам чугаһаан саҥа күн саҕаланна, үүммүт күннүүн көрүстэ.

Олох сэһэнин сэгэтиллэбэтэх илииһэ буолан, харах симсэр хараҥаны халбарытан, чуҥкунуур улуу чуумпуну уйгуурдан улаҕа диэкиттэн улам-улам чугаһаан саҥа күн саҕаланна, үүммүт күннүүн көрүстэ.

Ким да билбэтэх, сэрэйэн да көрбөтөх хаһан даҕаны  хатыламмат саҥа күнүн сонургуу, сэргии көрсүөҕүҥ,  ийэ-аҕа бэлэх гынан утары ууммут орто дойду олоҕун, сыаналаммат күндү бэлэҕин харыстыы - хараһыйа мээнэ ааста, кураанаҕы куустарда диэбэттии күнүн аайы салгыбакка уһуктубуттан үөрүөххэ, күн-дьыл туругуттан тутулуктаммакка уруйдуу көрсүөххэ, түөн да саҕа буоллар үтүөнү, сап саҕа да буоллар сандаархайы оҥоруохха.

Баҕа санаа баалыгар олорсон балысхан сайдыылаах олох долгунугар оҕустарбакка, үрүҥ хара мөҥүрүөн мөккүөрүгэр муммакка, сахалыы толкуйунан дьоһуннук дьаһанан, сөп диэбит түгэҥҥэ дьиппинийэн, наада эбит диэбит кэмҥэ наарданан, сааһыланан, буолуо дии-дии бурҕаҥнаабакка, ини дии-дии иҥнэҥнээбэккэ, үһү дии-дии үлүннэрбэккэ номоххо киирбит холку майгыбытынан, үһүйээҥҥэ кэпсэммит үтүө өрүппүтүн өрө тутан тохтуу түһэн толкуйдаан, туттуна соҕус тыллаһыаҕыҥ, сэрэнэ соҕус сэһэргиэҕиҥ.

Этиэх иннинэ эҕирис гынан, оҥоруох иннинэ толкуйдуу түһэн ылыаҕыҥ, тоҕотун токкоолоһон, төрүөтүн түөрсэн, кэлин кэлэн кэлэйбэттии, кэрбэммэттии,  хойутун хойут хомойботтуу, хоруотана сылдьыбаттыы өбүгэ саҕаттан төрүттэммитинэн ыгылыйар да кэмҥэ, ыпсары да ыллардахха хардалаах, эпсэри да саайтардахха эппиэттээх буолуоҕуҥ. Илин диэкиттэн кэлбит ил-эйэ тыыннаннын, арҕаа диэкиттэн салаллыбыт аламаҕай санааны сахтын, хоту диэкиттэн хотоҕостуу субуллубут хорсун, хотоойу буоллун, соҕуруу диэкиттэн кэлбит сомсон ылбыта сомоҕолоһуу, баһан ылбыта барҕарыы буоллун. Үүммүт күн үөһээ өттө сөлөгөйө-сүөгэйэ, аллараа диэкитэ амтаннааҕа, астыга буоллун.

Хаартыска: https://34travel.me/post/yakutiya-kak-ustroena-zhizn-na-polyuse-kholoda

  • 2
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением