Эбилиннэр эбиллэн, нэмийэн биэрэн сэниэлэнэн туллубаттыы туппут аам-даам тыыннаах аргыардаах аарык аһыллыа, күлүм-чаҕыл күнүн уотун күлүмүрдэтиэ. Кириһиэнньэ торҕон тымныыта толоос толоостук тыынары-тыымматы ытырбахтаата, иэн кэдэйиэр диэри тилэххэ тиийэ сүр күүскэ биэрбэхтээтэ, иэдэс биэрэн иэрэҥ-дьиэрэҥ хамсаммахтаата, кырыытынан көрөн кынчарыйбахтаата. Таайтарыылаах таҥхаҕа таба тайаммыт таабырын гыммытын таайыа, дуо диэбитин чуолкайдатыа, буолуо диэбитин бигэргэтиэ, диэ диэбитин дьэҥкэрдиэ. Бити-билгэни билээччи бигээн көрөн оргууй-оргууй оннуну-олоҕу булларыа, оҥкулу оҥоруо. Оройунан көрбөккө ортотунан буолан оруо-маһы охторбокко, түҥкүр-лаҥкыр барбакка тирэҕи булан чиҥник үктэнэн инникигэ эрэллээх буолуохха. Саҕахха саспыт сандаарар сааскыбыт салаллан кэлэригэр эрэлбит элэйбэтин, сылайбатын, иҥэн-сүтэн хаалбатын.
Хаартыска: https://yakutia.mk.ru/science/2021/03/16/17-marta-v-yakutii-ozhidaetsya-nebolshoy-sneg.html
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0