Хара тыа халыҥ саҕынньаҕын харса суох хахсаат тыал хамсатта, илибирэтэ сиксийдэ, салыбырата сахсыйда. Далларга даллаһан турбут кэбиһиилээх оттор ортолуу аччаатылар, кыбыыга кыбыллан турбут куруламмыт от онно оҥойдо, хотоннорго мэҥириир саҥа үксээтэ, төрөөбүт ынах мааныланна, имэрилиннэ-томорулунна, эбии аһа эбилиннэ, хатаҕаланар аһа хаһаастан таҕыста.
Сыспай сиэллээх сыһыы устун сэниэлээхтик сэлэлии хаамта, көмүрүө хаары көбүтэ хаста, амтаннаах аһын булан астына-дуоһуйа аһаата. Тула өттүбүт тупса сааскылыы сырдаата, манньыта сымнаата, туманнаах да буоллаҕына күн уһаабыта алы гыннарда, кымаахтыыр, кынчыатыыр да буоллаҕына күнүс сылытарынан бааламмата, боруогуран туран бурулута-сирилитэ силлиэрэр даҕаны, иэдэһи имэрийэ сымнаҕастык сиккиэр тыалынан угуттаан буруйдаммата.
Сырдыгы батыһа, сылааска тардыһа олордуллубут сиэмэ үүнэр күнү уруйдуу үүннэ, тахсар күнү айхаллыы таҕыста. Көрдөххө -иһиттэххэ аны сайын кустук өҥүнэн оонньуу тулалыыр эйгэбитин киэргэтиэхтэрэ турдаҕа, күһүҥҥүгэ тиийэн аска-үөлгэ кубулуйуохтара буоллаҕа.
Турдахпыт аайы сырдыга эбиллэр, хараҥата аҕыйыыр күн - дьыл хардыыта санаабытын сайа көтөр сайаҕас салгыны киллэрдин, истиҥ мичээр сэбэрэбитин сэргэхситтин, сылаас сыһыан дууһабытын манньыттын.
Хаартыска: https://www.google.com/url?sa=i&url=https%3A%2F%2Fyakutia-daily.ru%2Fnarodnyj-sinoptik-tuskul-prognoziruet-teplyj-fevral-po-vsej-yakutii
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0