«Алексей Кулаковскай нэhилиэстибэтэ Саха Сирин, биhиги норуоппут мѳккүhүллүбэт сыаннаhынан уонна дастайаанньатынан буолар. Алексей Кулаковскай дириҥ уларыта тутуулары ѳтѳ кѳрѳѳччү эрэ буолбакка, биhиги тѳрѳѳбүт дойдубут дьылҕатыгар быhаарыылаах сабыдыалы оҥорбут уларыйыылар айааччылара этэ», - диэн Айсен Николаев быhаарда.
Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Сергей Местниковка 2027 сылга диэри юбилейнай тэрээhиннэри бэлэмнээhиҥҥэ уонна ыытыыга үлэ былаанын бырайыага кѳрүлүннэ.
Тэрийэр кэмитиэт соругар үѳрэх, иитии уонна духуобунай сайдыы эйгэлэрин уонна инфраструктураны тупсарыы комплекснай былаанын оҥоруу киирэр.
Былаан бырайыагар бары тэрээhиннэр үс таhымҥа араарыллыбыттар: норуоттар икки ардыларынааҕы, Арассыыйатааҕы уонна ѳрѳспүүбүлүкэтээҕи суолталаахтарга.
Норуоттар икки ардыларынааҕы таhымнаах тэрээhиннэр ортолоругар —
Аартыкаҕа уонна Субаартыкаҕа норуоту харыстааhыҥҥа Хотугу форум бастайааннай үлэ группатын тэрийии, «Евразийскай сырдатыы контексыгар А.Е. Кулаковскай айар үлэтэ», Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум чэрчитинэн «Норуоттар култуураларын диалога — инникини оҥоруу эниэргийэтэ» дьыалабыай сессия бааллар.
Итиэннэ сыл аайы кулун тутар ыйга «А.Е. Кулаковскай – биhиги биир кэмнээхпит» Бүтүн Арассыыйатааҕы тѳгүрүк остуол ыытыллар буолуоҕа. Кулаковскай уус-уран уонна научнай нэhилиэстибэтин дьоhуннаах чинчийиилэрэ салҕаналлар.
Суруйааччы айымньыларын 9 томнаах толору хомуурунньуга тахсыаҕа. Ону кытта интэриниэт ситимигэр кини айымньылара нууччалыы, сахалыы уонна аҕыйах ахсааннаах Хотугу норуоттар тылларынан киллэриллиэхтэрэ. Уус-уран киинэ уhуллуоҕа.
«Ѳксѳкүлээх ыллыгынан» научнай экспедиция «Дьокуускай-Ѳймѳкѳѳн-Дьокуускай», «Дьокуускай-Верхоянскай-Дьокуускай», «Дьокуускай-Булуҥ-Дьокуускай» маршруттарынан барыаҕа.
Хаҥалас улууhун Хачыкаат с. С.П. Барашков аатынан аныгы образцовай хаhаайыстыбаны тэрийии саҕаланна.
Дьокуускайга Доҕордоhуу болуоссатыгар пааматынньыгы тупсаран оҥоруу уонна ѳрѳмүѳн, итиэннэ Таатта улууhугар норуоттар доҕордоhууларын Дьиэтин уонна кэккэ эбийиэктэр хапытаалынай ѳрѳмүѳннэрэ кѳрүллэллэр.
Алексей Кулаковскай 1877 сыллаахха кулун тутар 16 күнүгэр Саха уобалаhын Боотурускай улууhун 4-с Дьохсоҕон нэhилиэгэр тѳрѳѳбүтэ.
Источнига уонна хаартыска: СѲ Баhылыгын уонна СѲ Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0