Бу кууруска “Таатта” уонна «Чурапчы” тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэрин астыыр кэмбинээттэрин, үүтү тутар пууннарын уонна сыахтарын асчыттара, арыыһыттара, технологтара, маастардара үөрэннилэр.
“Өрөспүүбүлүкэтээҕи ас-үөл технологиятын киинин” салайааччытын солбуйааччы, үөрэх модератора Наталья Кайдалова, инсэниэр-лаборант Яна Борисова, инсэниэр-технологтар Анна Трифонова, Лена Аммосова оҥоһуллар ас-үөл хаачыстыбатыгар, лабораториялары тэрийиигэ, докумуоннары табатык толорууга, отчуоту, маркировканы оҥорууга үгүс сүбэни-аманы биэрдилэр. Баар итэҕэстэри туоратыыга хайдах үлэлиири быһаардылар.
Сотору нэһилиэктэргэ үүтү тутар пууннар, астыыр сыахтар үлэлэрин саҕалыахтара, саҕалаатылар даҕаны. Онон үрүҥ илгэ асчыттара идэлэрин үрдэтэллэрэ, маастарыстыбаларын чочуйаллара, аныгы ирдэбиллэри билэллэрэ олус наада. Аһылык өттүнэн куттал суох буолуутун хааччыйар итиэннэ тыа үлэһит дьонун дохуоттуур туһугар үүттэн уонна эттэн үрдүк хаачыстыбалаах бородууксуйаны оҥорон таһаарыыга болҕомто күүһүрэр.
- 4
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0