Биэс сыллаах кирбии
Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин чахчытынан, кэлиҥҥи биэс сылга таба ахсаана 22 тыһыынчанан элбээбит. 2018 с. 146 тыһыынча таба баар буоллаҕына, 2023 сылы 168 тыһыынча табалаах көрсүбүппүт. Миниистири солбуйааччы Прокопий Николаев иһитиннэрбитинэн, бу кэм устатыгар көрдөрүү тупсарыллан, тугуту ылыыга 45 %-тан 55 %-ҥа, улахан табаны чөл тутууга 80 %-тан 85 %-ҥа тиэрдиллибит, таба көнньүнэн өлүүтэ 20 %-тан 15 %-ҥа диэри аччатыллыбыт. 2018 с. боруода табалары ууһатан тарҕатарга үс племенной репродуктор баар буоллаҕына, билигин бу үлэҕэ түөрт хаһаайыстыба дьарыктанар: эбэҥки табатын иитиигэ «Өлөөн» муниципальнай унитарнай тэрилтэ, эбээн табатын иитиигэ «Приморскай» уонна «Бороҕон» муниципальнай унитарнай тэрилтэлэр (иккиэн булуҥнар), Өймөкөөнтөн «Үчүгэй» УоПХ федеральнай судаарыстыбаннай унитарнай тэрилтэ идэтийэллэр. Бүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ түөрт племенной хаһаайыстыба диэн баҕар, кимиэхэ эрэ аҕыйах курдук иһиллиэ эрээри, бу – уһун, сыралаах үлэ түмүгэ буолар.
Ил Дархан дьаһалынан, таба салаатын өйөөһүҥҥэ көрүллэр субсидия кээмэйэ быйыл 200 мөл солк харчынан эбиллэн, 1 млрд 10,4 мөл солк. буолла. Биир табаҕа көрүллэр субсидия 5 335 солк тэҥнэстэ, урут 4 995 солк этэ. Арассыыйа Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин бырагырааматынан, федеральнай бүддьүөттэн анал тиэхиникэни атыылаһыы ороскуотун толуйуу көрүллүбүтэ. Уһук Илини сайыннарыы министиэристибэтин чэрчитинэн, Арктика зонатыгар олорор аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар төрүт дьарыктарын сайыннарыыга былырыын 33 мөл. солк. бэриллибитэ.
Дьэ маннык өйөбүлггэ тирэҕирэн, хаһаайыстыбалар туундараҕа сылдьар 30 анал тиэхиньикэни атыыластылар, 60 көһө сылдьар дьиэни, табаны мэччитэр маршруттарынан 87 дьиэни, 25 харааллары тутуннулар, үлэҕэ-хамнаска туттуллар тэриллэринэн, пилота суох көтөр аппарааттарынан, күн уотунан үлэлиир электростанцияларынан балачча хааччылыннылар. Булуҥҥа, Томпоҕо уонна Усуйаанаҕа симиэнэҕэ 25 табаны өлөрөн астыыр сыахтар тэрилиннилэр. Аһылык өттүнэн куттал суох буолуутун хааччыйарга, таба уонна балык хаһаайыстыбаларын бородууксуйаларын батарыыга Аартыка улуустарыгар Эргиэн-логистика кииннэрэ тутуллаллар.
Ыччат ыстаадаҕа кэлэн эрэр
Өрөспүүбүлүкэ салалтата табаны иитиигэ үлэлиир каадыры олохсутууга үгүс хайысхалаах өйөбүлү оҥорор. Таба хаһаайыстыбатыгар үс сыл устата үлэлииргэ дуогабардаспыт алын сүһүөх, орто анал уонна үрдүк анал үөрэҕи бүтэрбит эдэр исписэлиистэргэ ый аайы эбии төлөбүр көрүллүүтэ салҕанар.
Өйөбүл иккис көрүҥүнэн 2020 сыллаахха олоххо киллэриллибит «Эдэр табаһыт» социальнай бырагырааманан, 35-гэр диэри саастаах табаһыт дьиэ-уот туттарыгар биир мөлүйүөн солкуобай бэриллэрэ буолар. Бу көмөнөн үс сыл устата 53 эдэр табаһыт туһанна. Бырагыраама бастаан Аартыка олохтоохторугар киллэриллибитэ, 2021 сылтан таба хаһаайыстыбалара бары хабыллыбыттара. Билигин эдэр табаһыттар ыстаадаҕа баҕатыйан үлэлир буоллулар, табаһыт уопсай ахсаанын 18 %-а – ыччаттар, урут 12 % этэ.
Сыыппара элбэҕи көрдөрөр
Балаҕан ыйын 7 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 185 968 таба баар, бу иһиттэн тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар, аҕа ууһун общиналара, бааһынай хаһаайыстыбалар 178 412 табалаахтар. Статистика чахчытынан, табаҕа идэтийэр 107 хаһаайыстыбаҕа 1 232 киһи, ол иһигэр 997 табаһыт уонна 235 чуумсук үлэлии-хамсыы сылдьар.
Биирдиилээн улуустарынан ылан көрдөххө, Усуйаана улууһа – 34 119, Анаабыр улууһа – 24 339, Булуҥ улууһа – 16 484, Муома улууһа – 16 025, Эбээн Бытантай улууһа – 14 438, Аллараа Халыма улууһа – 14 397, Өймөкөөн улууһа – 10 986 уо.д.а. табалаахтар.
Быйыл 36 949 тугут ылыллан, төрүөх дьыалабыай тахсыыта 49 %-ҥа тэҥнэспит. Саамай үрдүк көрдөрүүнү Өлөөн уонна Нерюнгри ситиспиттэр, туһааннааҕынан 69 % уонна 67 % эбит. Кинилэри сапсай уопсан, Аллараа Халыма 66 %, Кэбээйи 68 %, Эдьигээн 64 %, Абый 62 %, Усуйаана 54 % кулуну ылбыттар.
Улахан табаны чөл тутуу ортотунан 88,3 %-ҥа тэҥнэспит. Бу хайысхаҕа Өлүөхүмэ уонна Орто Халыма көрдөрүүлэрэ 100 %, Өймөкөөн – 98 %, Эбээн Бытантай, Өлөөн, Томпо -- 97 %, Абый – 94 %, Анаабыр, Булуҥ, Муома, Усуйаана – 92 % эбит. Айылҕа араас тургутуутугар эпсэн, эһэ, бөрө, кырса уонна сиэгэн үгүс кыһалҕаны үөскэтэр кэмнэригэр маннык кирбии элбэх сыранан ситиһиллибитэ өйдөнөр.
Түбүктээх сайын
Биллэрин курдук, хаһаайыстыбалар сылга иккитэ хараал оҥороллор, атыннык эттэххэ, табаларын мунньан ааҕаллар, эмтиир-сэрэтэр дьаһалары ыыталлар итиэннэ аналларынан наардыыллар, хардарыта атастаһар уонна атын хаһаайыстыбаларга атыылыыр табаларын араараллар. Быйыл сааскы хараал саҕана «Томпо» фактория Муомаҕа баар «Кукуин» аҕа ууһун общинатыгар 25 табаны биэрбит, «Өлөөн» МУП-тан «Хатыыстыыр» (Алдан) 130 табаны атыылаһан, массыынанан илдьибит. Усуйаана улууһа 2 578 табаны батарбыт: 700 табаны Булуҥ улууһа, 678 табаны Кэбээйи улууһун Сэбээн-Күөл нэһилиэгэ, 1200 табаны Муома улууһун Чыыбааҕылаах нэһилиэгэ атыылаһаннар, анаммыт сирдэригэр суол хаалыан иннинэ тиэрдибиттэрэ этэҥҥэ олохсуйан эрэр эбиттэр, сорохтор сүтэ сылдьан баран, син көстүбүттэр.
– Туһугар түбүктээх сайын ааста, – диир Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин үгэс буолбут хотугу салааларга уонна балык хаһаайыстыбатын салаатын салайааччы Иннокентий Баланов. -- Үөһээ Халыма, Орто Халыма уонна Муома улуустарыгар ойуур баһаардара туран куттуу сылдьыбыттара. Саас Аллайыаха уонна Аллараа Халыма улуустарыгар таба ииригирэн ыалдьыытын түбэлтэлэрэ бэлиэтэнэн, тустаах дьаһаллар ылыллыбыттара. Аллайыахаҕа табалар сүтэннэр, «Илкан» аҕа ууһун общината оробуочай бөлөх тэрийэн, көрдүү сылдьар. Өлөөҥҥө табалар көнньүнэн өлөннөр, олохтоох суолталаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ биллэриллибитэ. Бэтэринээрдэр барыллаан туруорбут диагнозтара «бронхопневмония» диэн, чуолкайа өрөспүүбүлүкэтээҕи лаборатория анаалыһын түмүгэр быһаарыллыаҕа.
Инники соруктар
– Судаарыстыба салааны сайыннарыыга көрөр субвенцията хаһаайыстыбаларга барыларыгар бу ыйынан толору тиэрдиллэн турар. Билигин ыстаадалар күһүҥҥү маршруттарынан сылдьаллар, чопчулаан эттэххэ, сайын муора арыыларыгар киирбиттэр туундараҕа киирдилэр. Хаһаайыстыбалар салайааччылара ыстаадалар биригэдьиирдэрин кытары ыкса сибээһи тутан олороллоро, ыстаадалар бигэргэммит маршруттарын тутуһаллара ирдэнэр. Таба ахсаанын энчирэппэт, төрүөҕү мүччү туппат инниттэн, ардай аһыылаах кыыллартан көмүскэнэр дьаһаллар уталыппакка тэриллиэхтээхтэр. Онон, бөрөлөр ханан кэлэллэрин-баралларын кэтии-маныы сылдьар, туһааннаах кэмигэр суһал дьаһаллары ылар итиэннэ бултаһар биригээдэлэри тэрийэн, кинилэри уматыгынан, хапкаанынан уо.д.а. хааччыйар наада. Даҕатан эттэххэ, Экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтин чахчытынан, сыл саҕаланыаҕыттан 440 бөрө бултаммыт, былырыын 308 этэ.
Күнү-дьылы өрүсүһэн, суолу-ииһи баттаһан, кыһын-саас туттуллар аһы-үөлү, малы-салы уонна оттугу-уматыгы табаны мэччитэр маршруттарынан тиэрдиллиэхтээх. Итиэннэ биллэн турар, былааннаах зооветеринарнай дьаһаллары кэмигэр тэрийэр, табалар туруктарын көрөр-истэр, бүгүлэҕи утары быһыылары оҥорор наада. Уһун, тымныы кыһыны бэлэмнээх көрсөр туһугар.
Хаартыскалары Иннокентий Баланов хааччыйда
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0