Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

Балаҕан ыйын 15 күнүттэн саҕалаан, балаҕан ыйын 24 күнүгэр диэри киин куоракка, Хомсомуол болуоссатыгар үгүскэ кубулуйбут «Ас-үөл – 2023» быыстапка-дьаарбаҥка буола турар.

Балаҕан ыйын 15 күнүттэн саҕалаан, балаҕан ыйын 24 күнүгэр диэри киин куоракка, Хомсомуол болуоссатыгар үгүскэ кубулуйбут «Ас-үөл – 2023» быыстапка-дьаарбаҥка буола турар.

«Саха Сирин аһа-үөлэ» тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтиибэ быыстапка-дьаарбаҥка бырагырааматын сонуннук уонна табыгастаахтык аттаран оҥорбут.

Бастатан туран, урукку өттүгэр икки эрэ күҥҥэ ананар тэрээһин уон күн устатыгар, күн ахсын сарсыарда 10 чаастан саҕалаан киэһэ 7 чааска диэри ыытыллар. Инньэ гынан, Хомсомуол болуоссатын толору туруоруллубут балаакка-павильоннарга араас улуустартан кэлбит тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорооччулар бородууксуйаларын – эти, үрүҥ аһы, балыгы, мүөтү уо.д.а. – куорат олохтоохторо бэрт холкутук сылдьан көрдүлэр-иһиттилэр, туох даҕаны үтүрүһүүтэ, халыҥ уочарата, этиһиилээх анньыһыыта суох атыыластылар.

в-я_шашлык_2.jpeg

Иккиһинэн, мэлдьи буолар маастар-кылаастар, дегустациялар, саҥа бородууксуйалары билиһиннэрии итиэннэ үлэ кэлэктииптэрин тэттик кэнсиэртэрэ күнүнэн аттарыллан ыытыллалар. Быйылгы сыл Саха Өрөспүүбүлүэктигэр Үлэ сылынан биллэриллибитэ, онон сибээстээн, «Үлэ мөссүөнэ» хаартысканан быыстапка туруорулунна. Быыстапка-дьаарбаҥка хаамыытын билиһиннэрэр араадьыйа-сурунаал үлэлиир.

Хаартыскаҕа Айыына Герасимова түһэриилэрэ 

  • 0
  • 0
  • 0
  • 1
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением