Биһиги сылдьарбытыгар Сири оҥоруу сулууспатын агронома Александр Прокопьев бааһына сирин хайдах тупсарар туһунан сүбэлээбитэ.
– Ханнык баҕарар үүнээйи, туораахтаах култуура уонна оҕуруот аһа, сир иҥэмтиэлээх эттигин иҥэринэн үүнэрин түмүгэр сир быйаҥнаах араҥата дьадайар, уоҕа мөлтүүр. Дьэ ол иһин, бааһына уонна оҕуруот сирин буорун биһиэхэ аҕалан чинчийтэрэргит наада. Биһиги агрохимическэй анаалыс оҥороммут, буорга туох эттик тиийбэтин быһааран биэрэбит итиэннэ ону хайдах байытары сүбэлиибит. Оҕуруот аһын, оту, комбикуорманы, ууну, уоҕурдууну эмиэ анаалыстыыбыт, хаачыстыбатын быһаарабыт. Куорат даачалаах ыаллара оҕуруоттарын буорун мэлдьи анаалыстатар, биһиги сүбэбитин ылынар буоланнар, бэрт кыра да сиртэн өлгөм үүнүүнү хотороллор, улуус олохтоохторо ону холобур оҥостуҥ диэн ыҥырабын, – диэбитэ.
Итиэннэ А4 кумааҕыга оҥоһуллубут дьоҕус ыйынньыгы тарҕаппыта. Онно көрдөххө, «Восток ЭМ-1» микробиологическай уоҕурдууну үүнээйи сиэмэтэ тыллар, ситэр көҕүн үрдэтэргэ, буор уоҕун күүһүрдэргэ туттуохха сөп, онуоха хас биирдии көрүҥҥэ дозата, кэмэ тус-туһунан эбит.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0