Болдьоммут кэм устатыгар, ыам ыйын 1 күнүттэн балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри, куонкуруска сүүрбэ улуустан уонна Дьокуускай куораттан 34 фотограф үлэтин ыыппыт. Барыта 300 үлэ түмүллэн министиэристибэ анал саайтыгар туруоруллубуттар. Ол эрээри, хомойуох иһин, үгүстэр куонкурус усулуобуйатын ситэ толорботохторунан, жюри куоластааһыҥҥа 34 эрэ үлэни киллэрбит.
Куонкурус түмүгэ "Ас-үөл--2023" быыстапка-дьаарбаҥкаҕа таһаарылынна. «Бары күүһү окко» дьүһүйүүтүнэн Сардаана Григорьева (Дьокуускай) бастаата.
Иккис миэстэ «Иэримэ дьиэ сылааһа» диэн үлэтинэн Любовь Мырееваҕа (Ленскэй) бэрилиннэ.
Бочуоттаах үһүс миэстэни «Биэни ыырга үөрэнии» диэн үлэтинэн Евгения Федорова (Горнай, Бэс Күөлэ) ылла.
Хаартыскаҕа Аина Герасимова түһэриитэ
- 4
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0