Ювелирнай нэдиэлэ алтынньы 20 күнүгэр Комдрагмет дьиэтигэр, СѲ Кылаата мунньуллар сиригэр, үѳрүүлээхтик аhылынна.
Сэтинньи саҕаланыытыгар диэри кѳрдѳрүүгэ турар «Бастыҥ ювелирнай оҥоһуктар - 2023» быыстапкаҕа 30 ювелирнай тэрилтэлэр уонна уус урбаанньыттар кытталлар.
Ону тэҥэ ювелирнай нэдиэлэ устата саха төрүт симэхтэрин оҥорууга маастар-кылаас, саха төрүт симэхтэрин суолталарын туһунан лиэксийэ, «Саха сирин ювелирнай салаатын туһунан» төгүрүк остуол уо.д.а. тэрээhиннэр күүтэллэр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0