От ыйын 16 күнүгэр Өлөөҥҥө Bombardier Q300 диэн “Якутия” авиахампаанньа сөмөлүөтэ сиргэ түһэн иһэн, шасситын пневматиката алдьанан, саахаллана сыспыт. Билигин Росавиация Саха сиринээҕи салаата анал хамыыһыйа тэрийэн көтөр аал быһылаанын чинчийэ, силиэстийэлии сылдьар.
Ити күн Дьокуускай-Өлөөн хайысхатынан сөмөлүөтүнэн 15 киһи көтөн кэлбит, ол иһигэр 2 оҕо. Хата, ким да эмсэҕэлээбэтэх. Онон Таҥараҕа махтанабыт.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0