20 сыл бииргэ олорбут кэргэнниилэргэ 20 000 солк., 25 сылга – 25 000 солк., 30 сылга – 30 000 солк., 35 000 – 35 000 солк. о.д.а. салгыы итинник бара турар төлөбүр оҥорор туһунан докумуоҥҥа суруллубут. 50 сыллаах үбүлүөйгэ – 50 000 солк. Оттон Уһук хоту эрэгийиэннэргэ оройуоннай эбилик ааҕыллыахтаах этэ.
Сокуон барылын быһыытынан, харчы Арассыыйа олохтоохторугар, урут арахсыбатах дьоҥҥо төлөнүөхтээх. Үбүлүөйдээх сылга эрэ, эбэтэр ойоҕо олохтон туораатаҕына, төлөбүр огдооботугар бэриллиэхтээҕэ.
Итинник төлөбүрү ылар дьон ахсаана бэлиэтэммэтэҕэр сигэнэн уонна харчыны хас үбүлүөйдээх сыл ахсын, эбэтэр биирдэ ылар туһунан докумуоҥҥа ыйыллыбатаҕынан сибээстээн, Бырабыыталыстыбаҕа сокуон барылын өйөөбөтө.
Ол эрэн 2024 сыл Дьиэ кэргэн сыла биллэриллибитинэн сибээстээн, дьиэ кэргэни өйүүргэ, социальнай көмөнү оҥорорго хас да тэрээһин былааннаммыт.
Хаартыска: https://mirsvadeb.net/65_17_rozovaja_svadba
- 0
- 0
- 0
- 1
- 1
- 0