Сөбүгэр соҕус тыаллаах, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м түргэннээх тыаллаах буолар. Илин, Илин эҥээр улуустарыгар, Халыма уонна Аартыка кытылынан сөкүүндэҕэ 15-20 м түргэннээхтик тыалырыа.
Салгын температурата түүнүн -5...-10°С, халлаан халыннаҕына -10...-15°С, хотугулуу-илин, хайалаах сирдэргэ -17...-22°С., күнүһүн -3...+2°С, соҕуруулуу-арҕаа 0...+5°С, хотугулуу-илин -4...-9°С. буолар.
Дьокуускайга күнүһүн сөҥүүтэ суох, суолга халтараан буолар. Хотугулуу-арҕааттан сөкүүндэҕэ 3-8 м түргэннээх тыаллаах буолуо, сорох кэмҥэ сөкүүндэҕэ 9-14 м түргэннээхтик тыалырыа.
Салгын температурата түүнүн -7...-9°С., күнүһүн -1...-3°С. буолар.
Хаартыска Гигачат Оҥоһуу өйүнэн таҥылынна.
-
1
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0















