Арассыыйаҕа биллэриллибит Дьиэ кэргэн сылыгар Хатаска “Сыл бастыҥ дьиэ кэргэнэ” анал ааты Евгений Егорович Корякин уонна Майя Андреевна Нюкканова дьиэ кэргэннэрэ ылла. Кинилэр ыал буолан олорбуттара быйыл 23 сыллара. Күн сирин көрдөрбүт 6 оҕолоруттан ураты тулаайах хаалбыт аймах оҕолорун сүрэхтэрин сылааһынан, иллээх дьиэ кэргэн тапталыгар бигээн иитэллэр. Ыал күн-күбэй ийэтэ Дьокуускай куорат “Ийэҕэ килбиэн” бэлиэ хаһаайката.

Бу дьиэ кэргэн хас биирдии оҕолоро Хатаспытын араас эйгэҕэ ааттатар талба талааннаахтар, ураты дьоҕурдаахтар, эйэҕэс-сайаҕас майгылаахтар. Олоххо тулуурдаахтар-дьулуурдаахтар, талбыт идэлэригэр бэриниилээхтэр.
Ол үтүө майгылара, үлэҕэ сыстыгастара иитиллэн тахсыбыт дьиэ-кэргэннэрин эйгэтиттэн быһаччы тутулуктаах. Бу дьиэ-кэргэҥҥэ хайа баҕарар түгэҥҥэ өйдөһүү-өйөһүү, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолуу, үлэни өрө тутуу диэн өйдөбүл сирдьит сулус буолар.