Ыал буолуу
Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта 5563 саҥа ыал баар буолла.
Саамай элбэх
Дьокуускай - 2799
Нерюнгри - 631
Мииринэй - 512
Алдан - 256
Ленскэй - 230
Саамай аҕыйах
Эбээн Бытантай - 0
Анаабыр - 3
Өлөөн - 7
Абый, Аллайыаха, Орто Халыма - 9
Муома, Аллараа Халыма - 12
Оҕо төрөөһүнэ
Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта 11282 оҕо күн сирин көрдө.
Саамай элбэх
Дьокуускай - 5822
Нерюнгри - 605
Мииринэй - 583
Мэҥэ Хаҥалас - 381
Хаҥалас - 298
Саамай аҕыйах
Абый - 19
Аллайыаха,
Үөһээ Халыма - 22
Эбээн Бытантай - 23
Эдьигээн, Муома - 27
Анаабыр – 31.
Нэһилиэнньэ аҕыйааһына
Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта 7654 киһи олохтон туораата.
Саамай элбэх
Дьокуускай - 2494
Нерюнгри - 648
Алдан - 475
Мииринэй - 407
Ленскэй - 359
Саамай аҕыйах
Аллайыаха - 20
Эбээн Бытантай - 22
Өлөөн - 23
Анаабыр - 26
Муома – 28.
Ыал арахсыыта
Саамай элбэх
Дьокуускай - 1904
Нерюнгри - 446
Мииринэй - 423
Алдан - 196
Ленскэй - 195
Саамай аҕыйах
Аллайыаха, Анаабыр, Эбээн Бытантай - 7
Өлөөн - 9
Аллараа Халыма - 10
Үөһээ Халыма, Орто Халыма - 11
Усуйаана - 15
Саха Сиригэр оҕо төрөөһүнэ нэһилиэнньэ аҕыйыырын икки төгүл кэриҥэ куоһарар. 11282 оҕо күн сирин көрдө, 7654 киһи барда. Дьокуускайга уонна бырамыысыланнай оройуоннар кииннэригэр элбэх киһи олорорунан сибээстээн, статистикаҕа инники күөҥҥэ сылдьаллар. Хоту улуустарга нэһилиэнньэ ахсаана аҕыйах, ол иһин демография көрдөрүүтэ эмиэ ол сиэринэн.
Тэҥнээн көрдөххө, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн оҕо төрөөһүнэ:
2019 сылга - 12996
2022 сылга - 11897
2023 сылга -11282
Көстөрүн курдук, сыл ахсын оҕо төрөөһүнэ кыччыы турар, ол иһин ийэ хапытаала, оҕо босуобуйата эбиллэр.
Нэһилиэнньэ аҕыйааһына:
2019 сылга - 7699
2022 сылга - 8337
2023 сылга – 7654.
Ол да буоллар, былырыын Саха Сирин нэһилиэнньэтэ ахсаанынан биир мөлүйүөнү куоһарда, ону ситиһэргэ оҕо төрөөһүнүн таһынан, атын эрэгийиэннэртэн миграннар көһөн кэлиилэрэ эбилиннэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 1