Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -18 oC

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, ыам ыйын 13 күнүгэр “Тиксии-Найба” маастар-былаан Москубаҕа РФ Уһук Илин уонна Аартыка сайдыыларын министиэристибэтигэр көрүлүннэ уонна биһирэннэ.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, ыам ыйын 13 күнүгэр “Тиксии-Найба” маастар-былаан Москубаҕа РФ Уһук Илин уонна Аартыка сайдыыларын министиэристибэтигэр көрүлүннэ уонна биһирэннэ.

Мунньах кэмигэр Саха Сирин тэҥэ, Чукуотка автономнай уокуругун, Архангельскай уобалас, Ненецкэй автономнай уокурук, Карелия, Коми өрөспүүбүлүкэлэрин тирэх нэһилиэнньэлээх пууннарын  маастар-былааннара көрүлүннүлэр.  Тэрээһини миниистири бастакы солбуйааччы Гаджимагомед Гусейнов салайан ыытта.

Саха Сирин маастар-былаанын СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Борисов билиһиннэрдэ уонна бу тэрээһин Арассыыйа Бэрэсидьиэнин Владимир Путин 2023 сыл атырдьах ыйын 18 күнүнээҕи сорудаҕын толоруу быһыытынан оҥоһуллар диэн санатта.

Кини бу маастар-былааны хампаанньалар консорциумнарын иһинэн,  «Cибиирдээҕи урбанистика лабораторията» ХЭТ чопчу баһылаан-көһүлээн оҥорор диэтэ. Консорциум бэрэстээбитэллэрэ быйыл кулун тутар 1-4 күннэригэр Булуҥ улууһугар бу сири комплекснайдык анаалыстааһын чэрчитинэн нэһилиэнньэ ортотугар ыйытыгы оҥорбуттарын, ону тэҥэ муус устарга Тиксиигэ, Найбаҕа маастар-былааҥҥа сүрүн бырайыактары быһаарыыга анаан стратегическай сессиялары ыыппыттарын бэлиэтээтэ. Ол курдук, ыйытык түмүгүнэн маннык кыһалҕалар биллибиттэр: дьон олорбот дьиэтэ, инженернэй инфраструктура эргэриитэ, туттуллубут бөх, туһаттан тахсыбыт матырыйаал мунньуллуута, таһаҕаһы, пассажирдары таһыыга-тиэйиигэ логистика уустуга, экономиканы диверсификациялааһыҥҥа улахан ороскуот мэһэйдиирэ (куораттыы араас сиэрбистэр, олохтоох бородууксуйаны астааһын, батарыы, туризм инфраструктуратын сайыннарыы суоҕа).

 “Тиксии билигин - кыраныысса зоната, РФ Аартыкаҕа  национальнай куттала суох буолуутун, оборуонатын тирэх пууна. Маастар-былаан сүрүн бырайыага - Булун улууһун Найба сэлиэнньэтигэр дириҥ муора пуордун терминалын тутуу”, - диэн туран, кини ордук  терминал таһаҕас баазатын быһаарыыга болҕомтону уурар наадатын  бэлиэтээтэ, ону кытта Булуҥ улууһугар аччыгый кыамталаах атомнай ыстаансыйаны тутуу, бу агломерация оройуонугар сир баайын хостооһуну саҕалааһын  былааннанарын иһитиннэрдэ. 

2040 сыллаахха Тиксии, Найба эҥэр нэһилиэнньэ ахсаана 1622 киһинэн эбиллэрэ, саҥа 1500 үлэ миэстэтэ тахсара, агломерация куораттааҕы баалабай бородууктата 2022 сыллааҕы 3,6 млрд. солкуобайтан 7,2 төгүл үрдээн 15, 2 млрд. солк. тиийэ улаатара сабаҕаланар диэн бэлиэтээтэ.

Алексей МАТВЕЕВ

Хаартыска куйаар ситимиттэн

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением