Авиапатруллааһыҥҥа эрэгийиэҥҥэ 11 салгын суудуната, умулларыыга – 5 кытталлар. Бе-200 ЧС амфибия-сөмөлүөт көтөргө бэлэм уонна Дьокуускай куоракка баазаланар.
СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ иһитиннэринэн, суукка устата өрөспүүбүлүкэҕэ 27,1 тыһыынча гектардаах сиргэ 15 ойуур баһаарын Алдан, Амма, Бүлүү, Мэҥэ Хаҥалас, Муома, Өймөкөөн, Өлүөхүмэ, Уус Алдан оройуоннарыгар умуллардылар.
Отчуоттуур кэм устата 2568,2 гектарга 16 ойуур уота булулунна. Билигин Саха сиригэр 125782,4 гектарга 87 ойуур баһаара бэлиэтэнэр. Нэһилиэнньэлээх пууннарга куттал суоһаабат.
Өлүөхүмэ оройуонугар 269 киһи уоту кытта туруулаһар, ол иһигэр ойуур баһаардарын умулларар федеральнай тэриллиилэр. Бу оройуоҥҥа 7 баһаартан иккитин умулларбыттар.
Уус Маайаҕа 5 сиргэ бэлиэтэммит, 95 киһи ону умулларар, ол иһигэр федеральнай тэриллиилэртэн — 46 киһи.
Томпо оройуонугар 10 сиргэ умайар. Бэс ыйын 16 күнүгэр Хаандыгаҕа, Теплай Ключка үлэ ыытыллар. 97 киһи киһи уонна 18 тиэхиньикэ кыттар.
Виталий Немцов мунньахха оройуоннар баһылыктарыгар ойуур уотун умулларыыга сөптөөхтүк, уталыппакка дьаһаналларыгар соруйда.
Санатан суруйдахха, Саха Сиригэр баһаартан кутталлаах кэм ыам ыйын 6 күнүттэн саҕаламмыта. Бэс ыйын 11 күнүттэн өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар эрэгийиэн көрүҥнээх ыксаллаах балаһыанньа эрэсиимэ олохтоммута. ЫБМ эрэсиимэ олохтоох таһымҥа Томпо, Өлүөхүмэ, Амма, Уус Маайа оройуоннарыгар биллэрилиннэ.
Баһаары утары уһулуччу эрэсиим Алдан, Амма, Бүлүү, Дьааҥы, Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Өлүөхүмэ, Муома, Мэҥэ Хаҥалас, Нерюнгри, Нам, Сунтаар, Орто Халыма, Томпо, Таатта, Хаҥалас, Уус Алдан, Уус Маайа оройуоннарыгар уонна Дьокуускайга олохтонно.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0