Бу туһунан бастакы вице-премьер Дмитрий Садовников салалтатынан ыытыллыбыт сүбэ мунньахха этилиннэ. Барыта 1937 киһиэхэ 19,3 мөл солк. суумалаах биир кэмнээх көмө, 1429 киһиэхэ күннэтэ туттуллар малы-салы сүтэрии иһин 149,2 мөл солк суумалаах көмө бэриллибит. Судаарыстыба өҥөтүн порталыгар сайаапкалары хомуйуу түмүктэммит, билигин киирбит докумуоннары көрүү-истии салҕанар. Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан, төлөбүр кээмэйэ үрдэтиллибитэ, онон, материальнай көмө 10 000 солк., харчынан көмө до 100 тыһ. солк диэри тиийдэ.
Халаан 2,7 млрд солк суумалаах хоромньуну таһаарбыт. Өрөспүүблүкэҕэ федеральнай майгылаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ тута биллэриллибит буолан, айгыраабыт эбийиэктэри чөлүгэр түһэрии үлэлэрэ, страховкаламмыттартан уратылар, бүддьүөттэн үбүлэниэхтэрэ. Билигин чөлүгэр түһэрэр үлэлэр бара тураллар, эбийиэктэр симиэтэлэрин сыаната быһаарыллар, судаарыстыбаннай эспэртиисэ ыытыллар.
Халаан уутугар Анаабыр, Нам, Ньурба уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар 27 нэһилиэнньэлээх пуун оҕустарбыта. Уу 1168 ыал олбуорун, 1011 олорор дьиэни ылбыта, кыралыын-улаханныын 4056 киһи эмсэҕэлээбитэ. 4 доруобуйа харыстабылын, 8 үөрэхтээһин эбийиэктэрэ, икки хочуолунай, 6 км усталаан уунан хааччыйар уонна сылытар ситим, 690 м хочуолунай суола, 90 км айан суола, 101 элетроуот баҕанатын тирэҕэ, 6 гидротехническэй тутуу, 46 социальнай инфраструктура эбийиэгэ уонна тыа хаһаайыстыбатын эбийиэктэрэ (224 хотон, 2 сылгы баазата, 2 арыы сыаҕа, 3 овощехранилище, 226 ынах сүөһү, 462 сылгы, 15 туонна сиэмэ хортуоппуй, 83,6 км бүтэй) ууга былдьамыттара. Бу туһунан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-киинэ иһитиннэрэр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0