Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

Саха Сиригэр барытыгар үрүҥ түүннэр сатыылаан, кыайыыны түстүүр Ыһыахтар ыытылла турбуттарын да иһин, Саха Сирэ бэйэтин уолаттарын, буойуттарын хайа да кэмҥэ умнубат, өйүүр, көмөлөһөр. Хорсун санаалаах дьоммут оннооҕор кыргыһыы бара турар сиригэр тиийэн Ыһыах сиэринэн-туомунан арчылаан, буойуттарбыт санааларын бөҕөргөтөн, уйулҕаларын чэбдигирдибиттэрин сэмээр эрэнэ, күүтэ истэбит.

Саха Сиригэр барытыгар үрүҥ түүннэр сатыылаан, кыайыыны түстүүр Ыһыахтар ыытылла турбуттарын да иһин, Саха Сирэ бэйэтин уолаттарын, буойуттарын хайа да кэмҥэ умнубат, өйүүр, көмөлөһөр. Хорсун санаалаах дьоммут оннооҕор кыргыһыы бара турар сиригэр тиийэн Ыһыах сиэринэн-туомунан арчылаан, буойуттарбыт санааларын бөҕөргөтөн, уйулҕаларын чэбдигирдибиттэрин сэмээр эрэнэ, күүтэ истэбит.

Бу күннэргэ хотугу эргимтэ кэтэҕэр сытар Эдьигээн улууһуттан тиийбит бөлөх, дьайыыга сылдьар уолаттары көрсөн, сахалыы, эбэҥкилии сиэринэн арчылаан, санааларын эгди гынан көтөҕөн кэллилэр. Ол туһунан биһиги хаһыаппытыгар “Эдьигээн эбэҥки национальнай оройуона” МТ оройуоннааҕы Мунньаҕын (Суглан) бэрэссэдээтэлэ Юрий Шамаев кылгастык маннык билиһиннэрдэ.
- Эдьигээн улууһуттан барбыт бөлөҕү оройуон баһылыга Василий Сорокин салайда. Ону кытта оройуон дьаһалтатын эппиэттээх үлэһиттэрэ Александр Петров, Степан Федоров уонна мин буолан бэс ыйын 13-25 күннэригэр 12 хонук устатыгар Донецкай уонна Луганскай нороднай өрөспүүбүлүкэлэргэ Анал байыаннай дьайыы бара турар сирдэринэн, куораттарга, сэлиэнньэлэргэ сырыттыбыт.
Биһиги сырыыбыт гуманитарнай хайысхалаах, көмөнү оҥоруу быһыытынан уолаттарбытыгар дьоннорун кэһиилэрин, тэрилтэлэр анаан бэлэмнээбит, хомуйбут баһыылкаларын туттартаатыбыт. Оройуон көмөтүнэн ылыллыбыт дроннары, тепловизордары уо.д.а олус наадалаах тэриллэри тигиһиннэрдибит. Уопсайынан 60-ча биир дойдулаахтарбытын көрсөн кэллибит.
Эдьигээн оройуонуттан бу диэки сирдэргэ үһүс сырыыбыт буолла. Бу иннинэ, ааспыт сылга иккитэ сылдьыбыппыт. Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан хоту дойду дьоно бары түмсэммит, өрөспүүбүлүкэни кытта бииргэ тутатына көмөнү оҥорууга ылсан барбыппыт. Эдьигээн тэрилтэлэрэ, чуолаан, үөрэхтээһин тэрилтэлэрэ харчынан көмөнү хомуйаллар, ону таһынан биир дойдулаахтарбытыгар тус аадырыстаммыт көмөнү оҥороллор. Оройуон баһылыга бу сырыыга сорох уолаттарга Эдьигээн аатыттан саха кыыннаах быһаҕын туттартаата.
Бу сырыыбытыгар госпиталга сытар уолаттарбытын анаан көрүстүбүт, оройуон баһылыга Санкт-Петербург госпиталыгар бааһырбыт биир дойдулаахпытын көрүстэ. Уопсайынан уолаттар санаалара бөҕөх, кыайыыга эрэллээхтэр.
Түгэнинэн туһанан, “Ил Түмэн”хаһыат нөҥүө Новоазовскайга, Луганскайга баар тирэх пууннарга үлэлиир волонтердарга махталбытын тириэрдэбит. Салгыы Москубаҕа бэйэтин массыынатынан арыаллаабыт, көрсүбүт, сүбэ-ама биэрэн көмөлөспүт Ньурба уолугар Алексейга уонна Саха Сирин постпредствотыгар үлэлиир биир дойдулаахпытыгар Муслим Шариповка махталбытын тириэрдэбит.
Биһиги эмиэ Анал байыаннай дьайыы бара турар сириттэн санаабыппытын толорон, Кыайыыга эрэлбит бөҕөргөөн төнүннүбүт, - кыайыы биһиги диэки буолуоҕа диэн түмүктээтэ.

  • 3
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением