Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . 29 oC


Бэс ыйын 25-26 күннэригэр Госдуума пленарнай мунньаҕар дьокутааттар "Үлэлиир биэнсийэлээхтэр биэнсийэлэрин индексациялааһыны сөргүтэр туһунан" сокуон барылын бастакы, иккис, үһүс ааҕыыга көрөн, дьүүллэһэн, түмүгэр сокуону ылыннылар. Былаан быһыытынан, 2025 сылтан үлэлиир биэнсийэлээхтэргэ страховой биэнсийэлэрэ үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ курдук сыл аайы индексацияланара олохтонуохтаах. Онуохаҕа, судаарыстыба бүддьүөтүттэн: 2025 сылга – 96,45 млрд. солк, 2026 с.– 177,03 млрд. солк, 2027 с. -260 млрд. солк. көрүллүөн наада.


Бэс ыйын 25-26 күннэригэр Госдуума пленарнай мунньаҕар дьокутааттар "Үлэлиир биэнсийэлээхтэр биэнсийэлэрин индексациялааһыны сөргүтэр туһунан" сокуон барылын бастакы, иккис, үһүс ааҕыыга көрөн, дьүүллэһэн, түмүгэр сокуону ылыннылар. Былаан быһыытынан, 2025 сылтан үлэлиир биэнсийэлээхтэргэ страховой биэнсийэлэрэ үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ курдук сыл аайы индексацияланара олохтонуохтаах. Онуохаҕа, судаарыстыба бүддьүөтүттэн: 2025 сылга – 96,45 млрд. солк, 2026 с.– 177,03 млрд. солк, 2027 с. -260 млрд. солк. көрүллүөн наада.

Госдуума бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин бу быһаарыныы дойдуга уустук кэмҥэ дьону-сэргэни өйүүр сыалтан ылыныллар диэтэ. Ол курдук, биэнсийэни индексациялааһын сокуона уопсайа 7,87 мөл. киһини хабыаҕа. Арассыыйа социальнай пуондата ааҕыытынан, үлэлиир биэнсийэлээхтэр уопсай биэнсийэлээхтэр ахсааннарыттан 19 % ылар. Үлэлиир биэнсийэлээхтэр биэнсийэлэрин кээмэйэ ортотунан 17,3 тыһ. солк. тэҥнэһэр. РФ Бырабыыталастыбатын вице-премьера Татьяна Голикова көрүүтүнэн, барыллаан ааҕыынан үлэлиир биэнсийэлээхтэр биэнсийэлэрэ ортотунан аччаабыта 1300 солк. эбиллиэхтээх. Чопчу сыыппараны дойду социальнай – экэнэмиичэскэй сайдыытынан уонна 2024 сыл түмүгэр инфляция хаамыытынан биллэриэххэ сөп диэбит. Ону тэҥэ, биэнсийэ кээмэйэ хамнас пуондатын улаатыытын кытта ситимнээҕин санатта. Хамнас үрдүү турар, онон 2025 сыл муус устар ыйыттан индексациялааһын таһыма балачча буолуоҕа диэн сабаҕалыыр вице-премьер.
РФ Үлэҕэ министиэристибэтэ индексациялааһын хайдах барыахтааҕын маннык көрөр:
2025 сылга индексациялааһын үлэлиир уонна үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ биир быраабыланан ыытыллыаҕа;
Сылга иккитэ оҥоһуллуоҕа – олунньу 1 күнүттэн ааспыт сыллааҕы инфляция таһымыттан көрөн сыл аайы уонна муус устар 1 күнүттэн биэнсийэ коэффициенын сыанатын учуоттаан;
Кэлэр сылга биэнсийэ эбиллиитин кээмэйин ааҕыыга 2016-2024 сс. биэнсийэ кээмэйэ уонна урукку сыллардааҕы индексация учуоттаныаҕа;
Ол гынан баран, үлэлиир биэнсийэлээхтэр страховой биэнсийэлэрин уонна төлөбүрдэри 2024 сыл ахсынньы 31 күнүнээҕи олохтоммут кээмэйинэн ылыахтара, онно урукку сылларга ылбатах индексациялааһын харчыта учуоттаммат;
Үлэлиир биэнсийэлээхтэргэ 2016-2024 сс. оҥоһуллубут индексациялааһын суумата кинилэр үлэттэн уурайдахтарына эрэ биэнсийэлэригэр эбиллиэҕэ.
Санаттахха, үлэлиир биэнсийэлээхтэргэ индексациялааһын 2016 сыл тохсунньутуттан тохтообута. Оттон биэнсийэ сааһын үрдэтии туһунан быһаарыы 2018 сыллаахха күүһүгэр киирбитэ. Сокуон барылын ылыныы кэмигэр Госдуума дьокутааттара оччолорго биэнсийэ сааһын үрдэтии, билигин үлэлиир биэнсийэлээхтэргэ биэнсийэни индексациялааһыны сөргүтэргэ кыах биэрдэ диэн бэлиэтээбиттэр.
Бу иннинэ үлэлиир биэнсийэлээхтэри өйүүр кэм кэллэ диэн көҕүлээһини дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Петербурдааҕы экэнэмиичэскэй пуорумҥа биллэрбитэ. Ол кэннэ парламеҥҥа сокуон барылын оҥорорго сорудахтаабытын, Госдуума ылынан, барылы оҥорон, болдьоммут кэмигэр көрүүгэ киллэрбитэ.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением