Аны ый курдугунан көтөр кынаттаах ууһаан-элбээн, кынатыгар туран, киэһээҥҥитин чугастааҕы тыа саҕатынан, күөл чүөмпэтин кырсынан үөрүнэн көтөн салгыны сирилэтэн ааһыаҕа турдаҕа. Былыргыттан саха киһитэ отун ортолуута "харарҕаан", аһылыгар көтөр этин өллөнөн, сэниэтигэр сэниэ, күүһүгэр күүс киллэрэрэ.
От ыйын 15 күнүттэн уу, хонуу, маар сирдэр көтөрдөрүгэр бултааһыҥҥа сайабылыанньаны ылыы саҕаланна. Ону кытта, бөрөҕө бултааһыҥҥа көҥүл биэрии салҕанар.
Сайабылыанньаны маннык биэриэххэ сөп:
Судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөнү оҥорор эрэгийиэннээҕи бу порталлары https://e-yakutia.ru/#/service/1400000000160255394/info (РПГУ) нөҥүө электроннай сайабылыанньаны биэриэххин сөп, күн аайы;
Судаарыстыбаннай экологическай кэтээн көрүү кэмитиэттэригэр уонна иниспииэксийэлэригэр – оптуорунньукка бэйэ тиийэн;
“Мои документы” офистарыгар, күн аайы.
Өҥөнү оҥоруу болдьоҕо – 5 үлэ күнүн устатыгар.
Наадалаах докумуоннар
Булчут билиэтэ
Түһээни төлөөбүтүн туһунан кибитээнсийэ.
Бултааһын болдьоҕун туһунан бу сигэнэн киирэн билсиэххитин сөп: https://minpriroda.sakha.gov.ru/uploads/ckfinder/userfiles/2024/07/15/files/Сроки%20Охоты%202024-2025_6694b7c3a761a.docx
Дьокуускай куоракка бултааһын көҥүлүн бу аадырыһынан: 202 микрооройуон 18/2 куорпуһун,2 этээһигэр (Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай экологическай кэтээн көрүү) ылыаххытын сөп.
Саха Сирин территориятыгар бултуур сирдэргэ бултааһын БОЛДЬОҔО, федеральнай суолталаах ураты харыстанар айылҕа территорияларыттан уратыларга.
Көтөр кынаттаахтарга бултааһын БОЛДЬОҔО
-Маар-бадараан көтөрүгэр (ыттаах уонна булчут көтөрдөөх бултааһын)- атырдьах ыйын 15 күнүттэн ахсынньы 31 күнүгэр диэри.
-Мас, хонуу, истиэп көтөрүгэр (ыттаах уонна булчут көтөрдөөх бултааһын)- атырдьах ыйын 15 күнүттэн олунньу 28 (29) күнүгэр диэри.
-Уу көтөрүгэр (ыттаах уонна булчут көтөрдөөх бултааһын)- атырдьах ыйын иккис субуотатыттан ахсынньы 31 күнүгэр диэри.
-Маар-бадараан уонна уу көтөрүгэр - атырдьах ыйын үһүс субуотатыттан ахсынньы 31 күнүгэр диэри.
- Маар-бадараан уонна уу көтөрүгэр - атырдьах ыйын үһүс субуотатыттан ахсынньы 31 күнүгэр диэри.
-Мас көтөрүгэр күһүҥҥү кэмҥэ (улар, бочугурас,куртуйах) - атырдьах ыйын үһүс субуотатыттан ахсынньы 31 күнүгэр диэри.
-Маҥан уонна туундара куруппаскыта - атырдьах ыйын үһүс субуотатыттан муус устар 20 күнүгэр диэри.
Хаартыскалар куйаар ситимиттэн ылылыннылар
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0