Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . 3 oC

РФ ЫБММ СӨ кылаабынай управлениета  иһитиннэрэринэн, от ыйын 23 күнүнээҕи туругунан өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар 75 ойуур баһаара бэлиэтэнэр. Уот хаппыт иэнэ 703 тыһ.га. 

РФ ЫБММ СӨ кылаабынай управлениета  иһитиннэрэринэн, от ыйын 23 күнүнээҕи туругунан өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар 75 ойуур баһаара бэлиэтэнэр. Уот хаппыт иэнэ 703 тыһ.га. 

Суукка устатыгар 13 баһаар (40 тыһ. га) умуруорулунна, 6 баһаар (15 тыһ. га) бохсулунна. СӨ ЫБМ араас структураларыттан 1600 киһи уонна 137 тиэхиньикэ тардыллан билигин умуруорууга үлэлэһэллэр.

Билигин Кылаабынай управление хонтуруолугар 11 баһаар турар.

Өлүөхүмэ улууһугар Бэс Күөлтэн 9,8 км  тэйиччи сиргэ баһаар хаппыт иэнэ 13 059 га. Уоту 62 киһи, 3 тиэхиньикэ умуруораллар. Баһаар хайысхатынан нэһилиэнньэлээх пууну үрэхтэр, күөллэр хаххалыыллар.  Дабаантан 10 км. сиргэ баар баһаар иэнэ 15 302 га. Баһаары умуруорууга 95 киһи сылдьар, 14 тиэхиньикэ үлэлиир. 4,7 км. анал хорутуллубут балаһа оҥоһуллубут. Куду Күөлтэн 9,4 км сиргэ баар баһаар иэнэ 3 680 га. Уоту умуруорууга 69 киһи үлэлии сылдьар. Тээнэ бөһүөлэгиттэн 7,8 км сиргэ баһаар бэлиэтэнэр, иэнэ 2 551 га. Уоту умуруорууга 56 киһи, 1 тиэхиньикэ үлэлииллэр.

Үөһээ Бүлүү улууһугар Быракан сэлиэнньэтиттэн 10 км сиргэ баһаар иэнэ 11 627 га. Умуруорууга 127 киһи сылдьар, 22 тиэхиньикэ үлэлиир. Өргүөттэн 15 км тэйиччи баар  7 476 га иэннээх сири хаппыт баһаары умулларыыга 75 киһи сылдьар, 10 тиэхиньикэ үлэлиир.

Абый улууһугар 10 км. суонаҕа икки баһаар бэлиэтэнэр. Белай Гора чугаһыгар  баһаар иэнэ 12 181 га. Уоту умуруорууга 77 киһи, 2 тиэхиньикэ үлэлиир. Киэҥ Күөлгэ баһаар хаппыт иэнэ 57 492 га. Уоту умуруорууга 54 киһи, 4 тиэхиньикэ үлэлиир.

Ленскэйгэ Орто Наахараттан 10 км сиргэ 10 га иэннээх сири хаппыт баһаары 6 киһи умулларар.

Дьааҥы улууһугар Сайдыы с. 5 км. тэйиччи баар баһаар 17 125 га хабан умайар. Уоту умуруорууга 26 киһи үлэлиир.

Кэбээйи улууһугар Арыктаах с. 10 км. сиргэ биир баһаар  2,5 га умайар. Уоту умуруорууга 4 киһи, 2 тиэхиьникэ үлэлииллэр.

“От ыйын 22 күнүгэр Абый улууһугар баар бөлөҕү күүһүрдүүгэ Арассыыйа ЫБММ баһаарынайдара Авиалесоохрана десантниктара көттүлэр. Суукка устата РФ ЫБММ  Ми-8 бөртөлүөтүнэн Абый улууһугар баар баһаары умуруорууга 153 туонна уу кутулунна. Бүгүн РФ ЫБММ Бе-200 сөмөлүөтэ уонна Ми-8 бөртөлүөтэ Абый уонна Үөһээ Бүлүү улуустарыгар үлэлииллэр. РФ ЫБММ аэромоблиьнай бөлөҕө Дабаан, КиэҥКүөл уонна Белай Гора чугаһынааҕы баһаардары умуруорууга үлэлэһэр ”, -диэн РФ ЫБММ СӨ кылаабнай управлениетын начаалынньыга Павел Гарин бэлиэтээтэ.

Хаартыскалар РФ ЫБММ СӨ Кылаабынай управлениетын саайтыттан

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением