Киһи олоҕун-дьаһаҕын тупсарарга кыһаллар, дойдуларын туһугар ис сүрэхтэн ыалдьар дьон - дьокутааттар. Оннук дьонтон биирдэстэрэ, Амма улууһун дьокутааттарын сүбэ Мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Владимир Владимирович Колосов.
— Владимир Владимирович, дорообо! Бэйэҥ тускунан кэпсиэҥ дуо?
— Дорообо! Мин 1978 сыллаахха балаҕан ыйын 18 күнүгэр Амма улууһун Болугур нэһилиэгэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ үһүс оҕонон төрөөбүтүм. 1995 сыллаахха Болугур орто оскуолатын бүтэрэн СГУ геологоразведочнай факультетын геофизик идэтигэр, ол кэннэ судаарыстыбаннай администрирование үнүстүүтүгэр үөрэнэ киирбитим.
Үрдүк үөрэҕи ситиһиилээхтик бүтэрэн, судаарыстыбаннай муниципальнай салайыы идэтин ылан үлэбин төрөөбүт дойдубар операторынан саҕалаабытым. 2003-2007 сыллардаахха Болугурдааҕы култуура дьиэтигэр методиһынан, оскуола делопроизводителинэн уонна информационнай киин салайааччытынан үлэлээбитим.
2007-2012 сылларга Амматааҕы үөрэх салаатыгар Информационнай технология киинин салайааччытынан, сүрүн исписэлииһинэн үлэлээбитим. Салгыы ООО «Дисплей» сиэрбис киинин салайааччытынан, Амматааҕы академик Л.В.Киренскэй аатынан лиссиэйгэ дириэктэри информатизацияҕа солбуйааччытынан үлэлээбитим.
2016 сылтан бэйэ дьыалатын тэринэн, Сиэрбис киинин тэриммитим, 2020 сыллаахтан Амма улууһун «Мин бизнеһим» Киин салайааччытынан ананан, 2023 диэри урбаан эйгэтин сайыннарыыга үлэлээбитим.
Үлэм таһынан уопсастыбаннай үлэнэн утумнаахтык дьарыктанабын. Өр кэмҥэ Амма улууһунааҕы быыбар хамыыһыйатын чилиэнинэн үлэлээбитим, Амма улууһун уопсастыбаннай Сэбиэтин чилиэнэнинэн сылдьыбытым, «Биир ньыгыл Арассыыйа» Амматааҕы олохтоох салаатыгар эппиэттиир сэкирэтээринэн үлэлиибитим. Итиэннэ «Нэлэгэр» түөлбэ олохтооҕо уонна актыыбын чилиэнэ буолабын.
2023 с. балаҕан ыйыгар Короленкотааҕы биир мандааттаах быыбардыыр уокурукка туруорунаммын, дьон итэҕэлин ылан, улуус дьокутаатынан талыллыбытым. Балаҕан ыйын 15 күнүгэр 8-с ыҥырыылаах Улуус дьокутааттарын Сэбиэтин сиэссийэтигэр бэрэссэдээтэлинэн талыллан, үлэлии-хамсыы сылдьабын. Улахан дьиэ кэргэн аҕа баһылыга, 5 оҕо амарах аҕата буолабын.
— Билигин хас дьокутаат баарый?
— Биллэрин курдук, улуус бэрэссэдээтэллэрэ икки быыбары ааһабыт. Ол курдук, бастаан уокурукпутугар быыбарданабыт, онтон улуус дьокутааттара бары быыбардаан бэрэссэдээтэли талаллар. Амма улууһун дьокутааттарын Сэбиэтигэр 19 дьокутааттаах этибит, хомойуох иһин, биирдэспит олохтон туораабыта уонна биир киһи Уус Маайа улууһун дьаһалтатын баһылыгын бастакы солбуйааччытынан ананан тохтообута, онон билигин 17 дьокутаат үлэлиир.
Дьокутааттар үлэбитин балаҕан ыйын 15 күнүгэр саҕалаабыппыт уонна сэттэ ый иһигэр 10 сиэссийэни ыыттыбыт.
— Сүрүн сыаллар-соруктар ханныктарый?
— Дьокутааттар сыалбыт – сорукпут элбэх. Талыллан баран хас биирдии нэһилиэги кэрийэн, кыһалҕаларын бэлиэтэммиппит, нэһилиэктэр баһылыктарын кытта тэҥҥэ үлэлэһэн кыһалҕалаах боппуруостары туоратарга, көннөрөргө үлэлэһэбит.
Нэһилиэктэр дьокутааттара туруорар боппуруостарын тула эмиэ күүскэ үлэлииллэр: суол, сыбаалка боппуруостара, дьон олорор усулуобуйатын тупсарыыга араас үлэ. Ону таһынан, Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэриттэн үгүс боппуруос киирэр, туох кыалларынан көмөлөһө сатыыбыт.
— Анал байыаннай дьайыыга?
— АБДь аһымал пуондатын салайан кэлбитим, ол чэрчитинэн буола турар дьайыыга уолаттарбытыгар гуманитарнай көмөнү улууспут баһылыгын бастакы солбуйааччы Василий Бураев, Соморсун нэһилиэгин баһылыга Алексей Кононов буоламмыт илдьибиппит. Донецкай уонна Луганскай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэлэргэ, Херсонскай, Запорожскай уобаластарга сырыттыбыт. Саха Сириттэн, Амматтан сылдьар уолаттарбытыгар урбаанньыттарбыт, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйуларын, оҕолор уруһуйдарын, анал суруктарын, квадрокоптердары, тепловизердары, анал таҥастары, хаххалыыр сиэккэлэри, сылаас утуйар мөһөөччүктэри, матысыыкыллары, оһохтору, бензин эрбиитин туттарбыппыт.
— Ил Түмэн 30 сыллаах үбүлүөйүгэр кыттыыны ылбыккыт?
— Ылан, дьокутааттарбытын кытта киирэн тэрээһиннэргэ кыттыбыппыт. Уопсайынан, Саха Сирин парламенын кытта ыкса ситимнээхтик үлэлээн саҕалаабыппыт, билигин тутуспутунан сис кэмитиэттэри кытта үлэлэһэ олоробут. Биһиэхэ дьокутааттар, биир дойдулаахтарбыт Александр Иванович Корякин уонна Сергей Александрович Ларионов күүс-көмө буолаллар. Ону таһынан, сис кэмититиэттэр бэрэссэдээтэллэрин кытта көһө сылдьар мунньахтарга кыттыыны ылабыт, биһиги араас туруорсар боппуруостарбытыгар түргэн эппиэттэри, хоруйдары биэрэллэрин иһин Ил Түмэн дьокутааттарыгар, бэрэссээдэтэлгэ Алексей Ильич Еремеевка махталбытын биллэрэбит.
— Тыын боппуруостаргытын төһө туруорсаҕыт?
— Ону таһынан, Илин эҥээр бэрэссэдээтэллэрэ ассоциациялаахпыт, Чурапчы улууһуттан Яков Павлович Оконешников салайар, киниэхэ эмиэ махталбыт улахан. Илин эҥээргэ бары саҥа талыллыбыт бэрэссэдээтэллэрбит. Мэҥэ Хаҥаласка Бэстээххэ Илин эҥээр дьокутааттарын күрэхтэһиитин оҥорон турабыт. Сылын ахсын тэрийэххэ диэн кэпсэтии тахсыбыта. Бу тэрээһиммит чэрчитинэн Ил Түмэҥҥэ Илин эҥээр дьокутааттарын кытта көрсүбүппүт.
— Ырыаҕа ылланар Амма өрүс туруга хайдаҕый?
— Амма өрүскэ ураты статус биэрэргэ туруорсабыт. Ил Түмэммит күүс-көмө буолар, элбэх тэрээһиннэри оҥоруохтаахпыт. Бу күһүн улахан пуорум буолуохтаах.
— Дойду үрдүнэн Дьиэ кэргэн, Саха Сиригэр Оҕо саас сыллара биллэриллэн тураллар. Дьиэ кэргэҥҥитигэр оҕолоргутун хайдах иитэҕитий?
— Биһиги дьиэ кэргэн биэс оҕолоохпут. Кыргыттарбыт үөрэхтэрин бүтэрэн, үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Үһүс оҕобут оскуоланы бүтэрэн үөрэххэ туттарса сылдьар. Кыраларбыт оскуолаҕа үөрэнэллэр. Оҕолорбут дойдуларыгар туһалаах дьон буола үүнэн тахсыахтара, сайын ахсын араас түмэллэргэ, айылҕаҕа сылдьабыт, тулалыыр эйгэни харыстыырга, үтүө, мааны майгылаах дьон буоалларын туһугар кыһаллабыт, бэйэбит холобурбутунан көрдөрөбүт.
Түгэнинэн туһанан, хаһыат ааҕааччыларыгар Сахабыт Сирин сайдарын туһугар бэйэҕит кылааккытын киллэрэ сылдьыҥ, чэгиэн-чэбдик буолуҥ, ыраас халлааны баҕарабын!
- 4
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0