Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . 15 oC

Сахабыт Сирин Бастакы Бэрэсидьиэнин туһунан дьиэ кэргэнин, бииргэ үлэлээбит дьонун, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун сырдык өйдөбүллэрэ баарын тухары, Михаил Николаев дьон сүрэҕэр өрүү тыыннаах. 

Сахабыт Сирин Бастакы Бэрэсидьиэнин туһунан дьиэ кэргэнин, бииргэ үлэлээбит дьонун, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун сырдык өйдөбүллэрэ баарын тухары, Михаил Николаев дьон сүрэҕэр өрүү тыыннаах. 

Эдэр талааннаах оҕолору сайыннарарга Ытык Киһибит дойдутугар, Өктөмҥө, «Ленский край» диэн научнай-тиэхиньиичэскэй киини тутуохтара. Кини төрүттээбит «Азия оҕолоро» успуорт оонньууларыгар быйыл 25 араас дойдуттан 2000-тан тахса спортсмен кытынна. Бу күрэхтэһии национальнай сүүмэрдэммит хамаанда таһымыгар оҕолорго аан дойдуга саамай улахан тэрээһин. «Азия оҕолорун» кэмитиэтэ быйылгыттан оҕо успуордун сайыннарарга дьоһун кылааттарын киллэрбит дьоҥҥо уордьан биэрэр үтүө үгэһи саҕалаата. Бастакы уордьаны Михаил Николаевка анаан, дьиэ кэргэнигэр туттарбыттара.

2002 сылтан саҕалаан, Михаил Николаев төрөөбүт күнүгэр «Билиигинэн кыайыаҥ» диэн истипиэндьийэ туттарар этэ, ол билигин судаарыстыбаннай таһымҥа киирэн, сыл ахсын туттарыллыаҕа.

НИКОЛАЕВ

Ил Түмэн дьокутаата, «Якутцемент» тэрилтэ дириэктэрэ, СӨ үтүөлээх тутааччыта Алиш Забид оглы Мамедов Михаил Николаев туһунан маннык ахтар: 

«Михаил Ефимович дойдутугар 45 сыл олорон кэллим, кини мин учууталым, олох араас боппуруостарыгар элбэххэ үөрэппитэ. Бу кэм устатын тухары элбэх уһуйааны, оскуоланы, балыыһаны, Мохсоҕоллооххо бассейыны тутан киллэрбиппит. 1990-ус сылларга ыһыллыы-тоҕуллуу кэмигэр тутуу матырыйаалын оҥорон таһаарыыны тохтоппотоҕо, саптарбатаҕа.  Кини сорудаҕынан элбэх эбийиэги туппуппут.

Хаҥалас олохтоохторо «Орто дойдуга” түмсэн, ыһыахтыыр үгэстэрин саҕалаабыта, онтон зоопарканы арыйан, куораттан дьон кэлэн дьиэ кэргэнинэн сынньанарыгар усулуобуйа тэрийбитэ. Уруккута Орджоникидзевскай оройуоҥҥа Хаҥалас улууһун аатын төнүннэрбитэ.  Покровскай, Ньурба куорат статуһун ылбыттара», — диэн туран,  Михаил Ефимович курдук киһи 100 сылга биирдэ кэлэрин, кини аттыгар сылдьан элбэххэ үөрэммитин, сүбэтин истибитин дьолунан ааҕарын эттэ. 

«Киниттэн толлор этим. Улууска кирпииччэни, испиэскэни, минеральнай баатаны, арболиты оҥорор собуоттар утуу-субуу сабыллыбыттара. Михаил Ефимович биһиги собуоппутун куруук өйүүрэ, дурда-хахха буолара, кини көмөтүнэн тыыннаах хаалыахпыт диэн эрэл баара. Күн бүгүн сиэмэнэ суох тутуу барбат, онон собуот кыамтата этэҥҥэ улаатта.

Кэлиҥҥи 15 сылга өрүскэ киирэн, тыыга олорон чааһы-чааһынан арааһы бары кэпсэтэр этибит. Мин дойдубуттан Азербайджантан саҕалаан, аан дойду бэлиитикэтин барытын ырытарбыт», — диэн, Михаил Николаев дойдутун дьонун омугунан араарбакка өрүү өйөөбүтүн, Хаҥалас улууһа сайдарыгар сүрэҕин ууран туран үлэлээбитин бэлиэтээтэ.

Елена Голомарева, Ил Түмэн Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар боппуруостарыгар уонна Аартыка дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, Михаил Николаев саамай ыарахан 1990-ус сылларга саха норуотун туһугар саҥа хардыылары оҥорбутун санатан, Аартыка сайдыытыгар эппит этиилэрэ бары үйэлээх уонна инникилээх буолан тахсыбыттарын эттэ.

Хаартыска: куйаар ситимиттэн. 

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением