Быйылгыттан саҕалаан, Бүлүү педучилищетын баазатыгар Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ кэллиэһин салаата аһыллан, Бүлүү эҥэр улуустар ыччаттара биэлсэр, сиэстэрэ идэтин баһылыахтара. Ол курдук, 2024-2025 үөрэх дьылыгар кэллиэс Бүлүүтээҕи саҥа салаатыгар бастакы кууруска 44 устудьуон киирдэ. Бу күнтэн саҕалаан үөрэххэ туруннулар. Мэдиссиинэ хайысхатынан билиини Бүлүү киин балыыһатын быраастара үөрэтиэхтэрэ, ону таһынан уопсай үөрэхтээһин биридимиэттэрин Бүлүүтээҕи педагогическай кэллиэс преподавателлэрэ биэриэхтэрэ. Үөрэх нэдиэлэ 6 хонугар эбиэт кэннэ 14-тэн 20 чааска диэри ыытыллыаҕа, атын кэмҥэ бэйэлэрин көрүүлэринэн бэлэмнэниэхтэрэ. Үөрэх кэмигэр улахан боҕомто быраактыкалаах дьарыктарга ууруллуоҕа.
Кэллиэс салаатын салайааччытынан Анна Егорова (Бүлүү улууһун Сэбиэтин дьокутаата, Бүлүү киин балыыһатын кылаабынай сиэстэрэтэ), “Лечебное дело” салаа кураторынан Варвара Винокурова, “Сестринское дело”салааҕа Варвара Протопопова ананнылар.
Мэдиссиинэ кэллиэһин салаата Бүлүүгэ аһыллыытыгар Ил Түмэн дьокутаата, Бүлүүтээҕи киин балыыһа кылаабынай бырааһа Егор Григорьев, Бүлүү улууһун Сэбиэтин дьокутаата, Бүлүүтээҕи педогогическай кэллиэс дириэктэрэ Иван Алексеев көҕүлээн, үгүс боопуруостары туруорсан, быһаарсан ситиспиттэрин бэлиэтиэххэ сөп.
Улусмедиа -"Олох суола" хаһыат саайтыттан ылылынна
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0