Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -6 oC

Үс мулат оҕолоох Аня уонна Тосин Оланийи интернациональнай дьиэ кэргэни үгүс киһи социальнай ситимҥэ көрөн билэр буолуохтаах. Кинилэр Дьокуускайга аҕыйах сыл олорон баран Москубаҕа көспүттэрэ. Улахан уол Рафаэль, нигерийскэй эбэтэ ааттыырынан Точи 5 кылааска үөрэнэр, кыра уол Муначи, докумуоҥҥа Марсэль 3 кылаас үөрэнээччитэ, кыыс Элизабет 4 саастаах, уһуйааҥҥа сылдьар.

Үс мулат оҕолоох Аня уонна Тосин Оланийи интернациональнай дьиэ кэргэни үгүс киһи социальнай ситимҥэ көрөн билэр буолуохтаах. Кинилэр Дьокуускайга аҕыйах сыл олорон баран Москубаҕа көспүттэрэ. Улахан уол Рафаэль, нигерийскэй эбэтэ ааттыырынан Точи 5 кылааска үөрэнэр, кыра уол Муначи, докумуоҥҥа Марсэль 3 кылаас үөрэнээччитэ, кыыс Элизабет 4 саастаах, уһуйааҥҥа сылдьар.

Оҕолор Москубаҕа дьиэлэрин таһыгар баар орто оскуолаҕа үөрэнэллэр. Точи-Муначи төрөппүт аҕалара Нигерияттан көмөлөспөт буолан, докумуоҥҥа соҕотох ийэ оҕолорун быһыытынан сылдьаллар, араспаанньалара Илларионов.

Иккис кэргэнэ Тосин Оланийи эмиэ ыраах Африка Атлантическай акыйаанын кытылыгар баар Нигерия Гвинейскэй хомоҕо турар Лагос куоратыгар күн сирин көрөн улааппыта. Экватортан чугас дойдуга төгүрүк сыл +30-38С буһарык итии, ол иһин куруук күн сыралҕаныгар олорор дьон тириилэрэ ыас хара.

Кини дьиэ кэргэнигэр улахан уоллара, икки бырааттаах. Арассыыйаҕа 2018 с. футболга аан дойду чемпионатын көрө кэлэн баран бу дойдуну сөбүлээн, олохсуйарга, аналын мантан буларга санаммыта. Дьылҕа хаан ити курдук ийэтинэн Уус Алдантан, аҕатынан Дьокуускайтан төрүттээх саха кыыһын кытта билиһиннэрбитэ.

Принцесса курдук тутара

Бүгүҥҥү сэһэргэһээччим оҕо сааһын туһунан кэпсээтэххэ, баара-суоҕа балтараа сыл балыс балтын Машаны кытта Уус Алдан улууһун Сыырдаах нэһилиэгэр тыа сирин ыарахан үлэтин эттэринэн-хааннарынан билэн улааппыттара. Билигин кинилэр араас куораттарга олорон, «Гринвэй Глобал» сетевой урбаанынан дьарыктаналлар.

Сэбиэскэй кэмҥэ ийэлэрэ сопхуоска сэкиритээринэн, аҕалара Улахан Невертэн таһаҕас тиэйэр массыынаҕа үлэлээбитэ, онтон Кытайтан табаар аҕалан урбаанынан дьарыктаммыттара.

Кыргыттар үлэттэн толлон турбакка, ынаҕы ыыллара, сайын окко үлэлииллэрэ, кыһын сүөһүлэрин ойбоҥҥо киллэрэн уулаталлара, саас мас кыстыыллара, олбуор ыраастыыллара. Оччолорго таҥаһы илиинэн сууйан баран таһырдьа таһааран ыйыыллара, кыһын хороччу тоҥмутун кэннэ дьиэҕэ киллэрэн өтүүктүүллэрэ. Ийэлэрин сорудаҕынан серваҥҥа баар курустаал иһиттэри, кинигэлэри хостоон баран хас биирдиилэрин быылын сотоллоро.

«Дьиэ кэргэн хас биирдии киһи олоҕор бастакы миэстэни ылар, манна ийэ-аҕа сылаас тапталын билэн улаатаҕын, олоххор тирэхтээх, өйөбүллээх буолаҕын, онон оҕолорум толору дьиэ кэргэҥҥэ улаатыахтарын баҕарарым. Биһиги оҕо сырыттахпытына аҕабыт ыраах айантан кэллэҕинэ оонньуур арааһын, минньигэс аҕалара, атаахтатар этэ, принцесса курдук тутааччы», — диэн саныыр Аня оҕо сааһын. Ол кэмтэн ыла сыл хонук сүүрүктээх үрүйэ уутун курдук биллибэккэ элэҥнээн ааста...

Туортан саҕалаабыт блогер

Аня оҕо сааһыттан тылга дьоҕурдаах буолан, СГУ омук тылын бакылтыатын бүтэрбитэ,  английскай тыл преподавателэ, филолог үөрэхтээх, омук тылынан холкутук кэпсэтэр, ол эрэн оскуолаҕа биир да күн үлэлээбэтэҕэ. Үлэтин Дьокуускайга «Лена» гостиницаттан саҕаалаабыта, ресепшен администраторынан үлэлии сылдьан, омуктар кэллэхтэринэ английскайдыы кэпсэтэрэ, туох-ханна баарын быһааран биэрэрэ.

Онтон Москубаҕа көһөн, биэс сыл эмиэ гостиницаҕа үлэлээбитэ, онно бастакы кэргэнин Африкаттан Нигерия олохтооҕун кытта билсэн, утуу-субуу икки уол оҕону төрөппүтэ. Оҕолорун аҕаларын кытта олохторо кыайан табыллыбакка, дьонугар Дьокуускайга кэлбитэ. Манна даҕатан эттэххэ, бастакы уонна иккис кэргэнэ иккиэн “харалар”, биир куораттан төрүттээхтэр.

b6f8c7b1 99d9 4e19 bc4d 47d4f99a9c75

Аняны үгүстэр туорт астаан саҕалаабыт блогер быһыытынан билэллэр. Кини 2012 с. социальнай ситимҥэ аккаунт арыйбыта, эһиилигэр улахан уолун төрөөбүтэ, кини биирин туоларыгар этээстээх кыраһыабай туорт буһарыан баҕарбыта эрээри, оччолорго кондитердар билиҥҥи курдук сайда иликтэрэ. Куйаар ситимигэр туорт оҥорон саҕалаан эрэр кыргыттары кытта билсэн, Аня уолун төрөөбүт күнүгэр икки этээстээх, мастиканан киэргэтиилээх туорт буһаран дьонун сөхтөрбүтэ. Мастика оччолорго атыыламмат буолан, сгущенкаттан уонна оҕо бороһуок үүтүттэн оҥорбута.

Туорду сөбүлээн, чугас дьоно, дьүөгэлэрэ сакаастыыр буолбуттара. Блогун итинтэн саҕалаабыта, сакаас социальнай ситим нөҥүө киирэрэ, төрөөбүт күннээх дьоҥҥо, элбэх оҕолоох ыалларга туорт бэлэхтиирэ, онон сурутааччылара элбии тураллара. Сарсыарда аһын астаан баран күнүс наадатыгар бардаҕына, туорду хаартыскаҕа түһэрэн, ханна баарын чопчу таайбыт уонна түргэнник кэлэн ылбыт киһиэхэ минньигэс бэлэх оҥороро. 2000-3000-ча сурутааччытыгар туорт, капкейки биэрэрэ, дьону итинник бэйэтигэр тардан, күн бүгүн 60 000 кэриҥэ сурутааччыланна.

«Куйаар ситимигэр тус олоҕум туһунан кыбыстыбакка, албыннаабакка аһаҕастык кэпсиирим, оҕолорум хаартыскаларын таһаарарым, соҕотох ийэ туох-ханнык ыарахаттары көрсүбүппүн суруйарым. Ол кэмҥэ олохторун хайдах баарынан дьоҥҥо көрдөрөр блогердар суохтар этэ. Үгүс дьон социальнай ситимҥэ киирэн, атын дьон олоҕун сериал курдук көрөрүн сөбүлүүрэ.

Блог мин сүрүн дохуотум, бэйэ дьарыктаах буоламмын, рекламаттан киирбит харчыттан нолуок төлүүбүн. Билигин реклама сүрүннээн Арассыыйа тэрилтэлэриттэн киирэр, сурутааччыларым 60% Саха Сирин олохтоохторо эрээри, Москубаҕа көспүппүтүн кэннэ Дьокуускай блогердарын ахсааныттан миигин сотон кэбистилэр, сакаас киирэрэ тохтоото», — диэн Аня үөһэ тыынар. 

b01aef6c 1a0f 4c0f b3f2 8673c2fd28b8

Билсиһии саайта холбообута

Африка киһититтэн икки уол оҕолонон баран мулат оҕолорун сиэппитинэн Дьокуускай уулуссаларын устун хаамтахтарына, маҕаһыыҥҥа киирдэхтэринэ дьон барыта кинилэри көрө түһэрэ, кэннилэриттэн сибигинэһэ-хобугунаһа хаалаллара. Атын омуктан оҕоломмут соҕотох ийэ уолаттарыгар дурда-хахха буолар киһини булан, толору дьиэ кэргэннэниэн баҕарара.

Ол иһин билсиһии саайтыгар 2019 с. сайыныгар Тосины кытта билсэн, бассаабынан суруйсаллара, видеонан кэпсэтэллэрэ. Аня олоҕун, сирин уларытаары Хабаровскайга олохсуйа барбыта даҕаны, үлэтэ сатамматаҕа, ол оннугар күһүн Москубаттан Тосин эйэҕэс мичээрдээх көрсө кэлбитэ.

Сэлэлии үүммүт хойуу мастардаах, фонтан уутунан ыһыахтана оонньуур бэрт кэрэ көстүүлээх Амур өрүс кытылын устун сиэттиспитинэн хаамса сылдьан, английскайдыы ирэ-хоро кэпсэтэн, иккиэн өйдөһөр-тапсар эбиппит диэн бииргэ олорорго быһаарыммыттара.

Хабаровскайтан Дьокуускайга кэлэн, манна икки сыл олорбуттара, маҥан былааччыйата, сүүһүнэн ыалдьыттаах сыбаайбата суох көннөрү саахсаланан, Аня кэргэнин Оланийи диэн араспаанньатын ылбыта. Илларионовтар бастакы күтүөттэрэ эмиэ Африка киһитэ буолан, омук күтүөттэрин атыҥыраабатахтара. Кыыстара биэс сыл икки оҕону соҕотоҕун көрөн олорбут буолан, олоҕун оҥостуон наада диэн өйдүүллэрэ уонна кими кытта олорорун бэйэтэ быһаарарын билэллэрэ.

ae3123b4 d42d 4ce7 a36f b329914864f3

Күн-дьыл ааһан истэҕин аайы Тосин Сахабыт Сирин тоһуттар тымныытын, күн көстүбэт хойуу туманын тулуйбакка, эдэр киһи дьиэҕэ түөрт эркиҥҥэ олорон, саҥата-иҥэтэ биллэ аҕыйаан, хараҕын уота өһөн барбыта. 2020 с. аан дойду үрдүнэн хамсык дьаҥа өрө туран, ол дохсун долгуна Сахабыт Сиригэр эмиэ тиийэн кэлэн,  дьиэ кэргэнинэн бары утуу-субуу ыалдьан баран тыыннара-быардара хаайтаран, сибиэһэй салгыны эҕирийэ, саҥа олоҕу саҕалыы 2021 с. алтынньытыгар биир уһукка сусбидияламмыт чэпчэки билиэти атыылаһан баран Москубаҕа көппүттэрэ. Төрөппүттэригэр барыахтарын икки нэдиэлэ иннинэ эппиттэрэ. Билигин дойду тэбэр сүрэҕэр үһүс сылларын дьиэ куортамнаан олороллор.

Аня аһаҕас, элэккэй майгылаах, кимтэн да тутулуктамматын сөбүлүүр, саҥа куоракка түргэнник үөрэнэр, хайа баҕарар киһини кытта холкутук кэпсэтэр. Онон атын иитиилээх Африка киһитин кытта ыал буолан олорору ыарырҕаппатаҕа. Кини баар уустуктары киһи кэпсэтэн быһаарсар диэн санааны тутуһар, дьиэлэригэр английскай тылынан ирэ-хоро толору кэпсэтэллэр.

f106dee2 4267 45f5 be81 d44e015652c3

Ап-аһыы биэрэстээх аһы сөбүлүүр 

Тосин сахаттан-нууччаттан атын дьүһүннээх, тириитэ ыас хара буолан, ханна да тиийдиннэр, өрүү болҕомто ортотугар сылдьаллар. Москубаҕа славяннартан атын көрүҥнээх дьону абааһы көрөллөрүн биллэрэр, тимир-тамыр курдук толоостук саҥарааччылар ханна барыахтарай, ону интернациональнай дьиэ кэргэн тулуйарыгар эрэ тиийэр.

«Оҕолорум африканец, саха да буолбатахтар, уолаттар кыра сылдьан: «Ийээ, биһиги тоҕо эн курдук маҥан буолбатахпытый?» — диэн ыйытар этилэр. Кыра уол обургу оҕолору көрдөҕүнэ, мин кэннибэр саһа сатыыр, хараҕа сүүрэкэлиир, ыксыыр. Мин кинини аан дойдуга биллэр футболистар мулаттар, эйиэхэ майгынныыллар диэн тас дьүһүнүттэн кыбыстыбат буоларга үөрэтэ сатыыбын. Оччоҕуна уоскуйар курдук, оттон улахан уол расизмҥа наадыйбат», — диир ийэлэрэ.

Аҕалара омук сирин олохтооҕо Арассыыйаҕа официальнай үлэ булара уустук, ол иһин Тосин биир дойдулаахтарын кытта Нигерияҕа дьоҕус пиэрмэлээхтэр, оттон Москваҕа куйаар ситиминэн сибээстэһэн, табаары тиэрдиинэн дьарыктаналлар. Ону таһынан, Африкаттан матырыйаал аҕалан, дьиэ кэргэнинэн сакааска эксклюзивнай таҥас тигэн атыылыыллар. Москуба курдук улахан куоракка киһи үлэтэ суох кыайан олорбот, онон хас даҕаны дохуоттаахтар.

«Дьон аҥаардас блогунан харчыланаллар, омук киһитэ үлэлээбэккэ саха дьахтарыгар иитиллэн олорор дии саныыллар. Ити биир эрэ үлэнэн үс оҕолоох улахан дьиэ кэргэни ииппэтиҥ чуолкай.

Биллэн турар, омук киһитэ бастайааннай үлэни булара ыарахан, ол иһин кэргэммин сирэй-харах анньыбаппын, бэйэбин кини миэстэтигэр туруоран көрөбүн. Нигерияҕа олордохпуна киһим күн аайы үлэҥ суох диэн сулуйан таҕыстаҕына хайдах буолуой?», —   диэн этэн, дьахтар быһыытынан кэргэнин харыстыыра, өйдүүрэ көстөр.

Тосин дьиэтигэр хойуу тумалаах, ап-аһыы биэрэстээх сии үөрэммит аһын ордорор, нуучча, саха аһыттан борщ, оливье салааты сөбүлүүр, мохоруону, гречкэни, хортуоппуйу сиэбэт эбит. Дьокуускайга туох баарынан сирбэккэ-талбакка аһыыра, оттон Москубаҕа маҕаһыыҥҥа африканскай ас дэлэгэй, ол иһин төрүт аһыгар тардыһыыта өссө күүһүрдэ.

Бастаан утаа бэйэтэ астыыра, оттон билигин Аня үөрэнэн, оҕолоругар туспа, кэргэнигэр аһыы биэрэстээх аһы буһарар. Фирменнэй бүлүүдэтэ пловка майгынныыр эрээри, киһи айаҕын аһытар джоллоф ириис, стью хойуу миин, онно мааннай куруппаттан тууһа, саахара суох төгүрүктэри оҥорон, илиилэринэн мииҥҥэ умньаан сииллэр.

57c31ee3 0493 4fc8 a2eb 5c0f576d0bc7

Тосин тоҕус сыл балыс

«Кэргэним миигиттэн төһө даҕаны тоҕус сыл балыс буолбутун иһин, бүтэһик тылы эр киһи быһыытынан, киниэхэ биэрэбин, ытыктыырбын көрдөрөбүн. Ийэм эмиэ аҕабытын өрө тутара, биһиги эр киһи дьиэ кэргэн бас-көс киһитэ диэн өйдөбүллээх улааппыппыт.

Дьиҥэр, лидер хаачыстыбалаах буоламмын, дьиэ иһин-таһын аҕыйах мүнүүтэ иһигэр быһаарар кыахтаахпын. Ол эрэн аҥаардастыы хотумсуйан, мин эппиппинэн буолуохтаах диэтэхпинэ, эр киһини баттыы сырыттахпына туох үчүгэй олоҕо тахсыай?

Тоҕус сыыппара биһиги дьиэ кэргэҥҥэ ураты суолталаах. Эһэбит эбэбиттэн 9 сыл балыс этэ, бастакы кэргэним миигиттэн 9 сыл балыс, иккиһим эмиэ. Кэргэним аймахтарыттан, дьонтон сааспын кистээбэппин, быйыл муус устарга 45 сааспын бэлиэтээбитим эрээри, 35 саастаах курдук сананабын, пааспарга көннөрү сыыппара эрэ, киһи бэйэтин хайдах ылынар да ол сааһынан олоруохтаах.

Бииргэ үөрэммиттэрим номнуо эбэ-эһэ буолбуттара, оттон мин оҕолорум кыралар, астарын бэлэмниэххэ, сууйуохха-тарыахха наада, күн аайы сүүрэ-көтө, хамсана сылдьабын, ол иһин сааһырдым, бытаардым диэбэппин. Үчүгэйдик утуйабын, уубун ханан турабын, оҕолору кытта тэҥҥэ күлэн-үөрэн, ардыгар мэниктээн, сылайбыккын да умнан кэбиһэҕин», — диир үс оҕо күн-күбэй ийэтэ.

Оҕолор өбүгэлэрин ситимин быспаттарын туһугар сайын аайы Коломенскай пааркатыгар тиийэн, сахалар ыһыахтарыгар сылдьаллар. Оттон Тосин дойдутугар Нигерияҕа тиийэ, төрөппүттэрин кытта чугастык билсэ иликтэр, төлөпүөнүнэн эрэ кэпсэтэллэр. Аня бастакы кэргэнин дьонун кытта билсэригэр Нигерияҕа 2014 с. ыалдьыттаабыта.

«Африкаҕа сииктээх, буһарык итии да буоллар, кондиционер баар, аныгы сайдыылаах олоххо олороллор, онон киһи Нигерияҕа олохсуйуон сөп дии саныыбын, бириэмэ көрдөрөн иһиэ.

e3b00920 5dc7 41a9 ba3c 495ee46e009f

Дьиэ кэргэн иллээх, бигэ туруктаах буоларын туһугар кэргэнниилэр бэйэ-бэйэлэрин өйдөһө-өйөһө сылдьыахтаахтар, ким тугу этэрин истиэхтээхтэр. Мин кэргэммин кытта үөрүүбүтүн-хомолтобутун аһаҕастык кэпсэтэбит, баар кыһалҕаны быһаарабыт. Ким даҕаны куттаан сөбүлээбэтэҕин иһигэр тута, күнү супту кэпсэппэккэ сылдьыбат. Сорох ыал этистэҕинэ биирэ ааны тыастаахтык сабан баран хаалар, эбэтэр кэпсэппэттэр, оннук сыһыан үчүгэйгэ тиэрдибэт. Кэпсэттэххинэ, санааҕын эттэххинэ биирдэ дууһаҥ чэпчиир, өйдөһөр буолаҕын», — диэн бүгүҥҥү кэпсэтиини түмүктүүр Саха-Африка дьиэ кэргэнин ийэтэ.

Кырдьык, киһи тириитин өҥүнэн буолбакка, сүрэҕинэн сөбүлүүр, тапсар киһитин буллаҕына, оҕо төрөтөн, ыал буолан олоруон сөп. Ону Аня, Тосин Оланийи дьиэ кэргэнэ ырылхайдык туоһулуур. Омук киһитигэр кэргэн тахсан олорор саха дьахталлара аан дойду үрдүнэн үгүстэр, бүгүн биир оннук дьиэ кэргэн туһунан аахтыгыт.

43607f2b 7c16 4f7e a963 03808c77c6df

  • 20
  • 8
  • 1
  • 0
  • 1
  • 2

Комментарии (8)

This comment was minimized by the moderator on the site

Оланийи дьиэ кэргэҥҥэ дьолу- соргуну, үөрүүнү- көтүүнү, ситиһиини эрэ ис сүрэхпиттэн баҕарабын!

This comment was minimized by the moderator on the site

Махтал!

This comment was minimized by the moderator on the site

Оланийи дьиэ кэргэҥҥэ уруй айхал

This comment was minimized by the moderator on the site

🙌🏽

This comment was minimized by the moderator on the site

Семье Оланийи якутское Эгэрдэ!Уруй -Айхал,молодцы

This comment was minimized by the moderator on the site

Махтал🙌🏽☺️

This comment was minimized by the moderator on the site

Оҕолор сорох хаартыскаларга тоҕо хомойбут курдук көрүҥнээхтэрий?

This comment was minimized by the moderator on the site

Очень даже.красивые дети.Счастья семье😃

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением