Аны сатыы киһи хаамар суола сип-синньигэс, онно ыскамыайка, набережнайы сырдатар банаардар тураллар. Икки көлөһөнөн элэҥнэтэн ааһар дьон суола киэҥ, дэлэгэй.
Набережнай биир улахан парковка курдук, сибиэһэй аспаалга тимир көлө тохтууругар анаммыт маҥан сурааһыннар уруһуйдаммыттар. Ыскамыайкаҕа олорор дьон ити массыыналар гаастарын сытынан дуоһуйа тыыныахтаахтар.
Урут биир остуолбаҕа иккилии бэрт кыраһыабай көстүүлээх банаардар бааллар этэ, билигин харандаас курдук биирдиилээн чоройон тураллар. Өрүс кытылын ортотугар көбүөрү санатар кытархай өҥнөөх бүрүөһүн үрдүгэр турниктары уурбуттар, онтулара тэпсиллэн, киртийэн бүппүт. Дьиҥэр, турниктар спортивнай былаһааккаҕа туспа туруохтаах этилэр.
Бу сайын суолга аспаалы саҥа куттулар, билиитэни тэлгээтилэр эрээри, кумах ыһылла сытар, бөх-сах толору. Ыскамыайкаҕа дьон олоруон инниттэн кибис-кирдээх хаптаһыны уурбуттар. Эһиэхэ бу да сөп буолуо диэбит курдук тутааччылар буоллун-хааллын диэн илиилэрин таһынан үрдүнэн-аннынан оҥорбуттара тута көстөр.
Онон Роман Дмитриев аатынан өрүс кытыла спортивнай былаһаакка уонна массыына турар улахан парковкатын курдук, киһи айылҕа кэрэ көстүүтүн көрө, сынньана кэлэр сиригэр майгыннаабат. Олохтоохтор сүүрбэччэ сыл күүтэн 202 түөлбэҕэ баар өрүс кытылын тупсаран оҥорорго 369,7 мөл. солк. көрүллүбүтэ эрээри, үлэ түмүгэ дьоҥҥо табыгаһа суох курдук.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.
- 0
- 0
- 0
- 2
- 0
- 1