Бу ыйга кыһын саҕаланар.Бу кэмнэ Улуу добдурҕа буолар: Сир-дойду барыта тоҥор , хаар чараас. сүөһү хотонугар киирэр,. Сахалар оһохторун күүскэ оттор, бастакы идэһэни өлөрөр кэмнэрэ. Сорох күөллэргэ муус киһини уйар буолар, бастакы муҥха саҕаланар, тыа кыылларыгар сонор булда саҕаланар.
Бокуруоптан ыла былыргы сахалар кыһыҥҥы олоххо-дьаһахха көһөн төһө астаахтарын, хаһаастаахтарын көрүнэллэрэ. “Алтынньыга астаах, бэһинньигэ бэстээх, олунньуга оттоох”, – диэн дьылы туоруурга сыһыаннаах өс хоһооно баар.
Алтынньы 14 күнүттэн Бокуруоп таҥараттан сааскы Ньукуолуҥҥа диэри ыам ыйын 22 күнүгэр диэри 220 хонук баар, дьэ ону туоруур уустук боппуруос турар, биһиги өбүгэлэрбит ону ааҕан суоттаан, олох мындырдарын тобулан этэҥҥэ туорууллар этэ.
Алтынньы 14 күнэ – Бокуруоп таҥара – кыһыҥҥы дьыл саҕаланыыта. Бу күнү өбүгэлэрбит дьыл кэлиитэ диэн билинэн туран, Дьыл оҕуһа муустаах байҕалтан тахсыытын кытта ситимнииллэр.Бокуруоп күн өбүгэлэрбит үгэстэрин тутуһан, сахалыы арыылаах алаадьынан кыстыкка киирбиппитин бэлиэтиири умнумуох тустаахпыт.
Кыһыҥҥы Ньукуолуҥҥа (ахсынньы 19 күнүгэр) диэри күммүт кылгаатар кылгаан иһиэ турдаҕа. Өбүгэлэрбит дэлэҕэ: “Алтынньыттан күн ат сиэлиитинэн куотар”, – дииллэрэ.Бу күн хаардаатаҕына, сэтинньи ый 21 күнүгэр диэри кыһын кэлиитин 40 хонук күүтэллэр. Хотуттан тыалырдаҕына – тымныы кыһын, арҕааттан тыалырдаҕына – сылаас кыһын буолар. Онтон Бокуруоп күн сылаас күн-дьыл турдаҕына тымныы түһэрэ хойутуур, тымныйдаҕына – тымныы эрдэлиир.
Күөллэр мууһунан бүрүлүннэхтэринэ муҥха кэмэ саҕаланар. Ити эмиэ ыаллар хаһаайыстыбаларыгар улахан суолталаах кэм. Хайа, табылыннаҕына, эбэлэрэ дук гыннаҕына – дьылга тулуктаһар аһылыктарын баһан ылыахтара турдаҕа. Дьэ, онтон, суол туруута от, мас уонна муус тиэйиитэ.
Билигин Аан дойду үрдүнэн баараҕай ириэһин буола турарын бэйэбит илэ харахпытынан көрө истэ сылдьабыт. Ол курдук урут Хотугу Муустах байҕалынан муора хараабыллара ледокол көмөтүнэн сылдьар буоллахтарына билигин мууһу бэйэлэрэ алдьатан сылдьаллар, Лаптевтар муоралара сылын аайы хойутаан тоҥор буолла. Илин эҥэр, киин, хоту улуустарынан сирбит-уоппут ирэн сир алдьаныыта сылын аайы улаатан иһэр. Бу барыта Аан дойду үрдүнэн баараҕай ириэһин 4 кыраадыс сылыйбытын туоһута буолар, ол иһин кэлиҥҥи сылларга күһүммүт уһаан алтынньы сэтинньи ыйдарбыт сылыйан иһэр.
Алтынньы ый билгэтэ
Ый устата 17 – 20 мм сөҥүү түһэр. Температура – 5, — 15 кыраадыс. Сороҕор хаара суох дьогдьоот күһүн буолар. Хаар алтынньы ортотугар түстэҕинэ ууллубат. Куобах маҥхайар.
Алтынньы ый 1 күнэ– туруйа соҕуруу көттөҕүнэ, алтынньы 14-гэр диэри тымныы түһэр, оттон ити күн көппөтөҕүнэ, сэтинньи 2-гэр диэри тымныы түһүө суоҕа.
Алтынньы ый 7 күнэ – күн ат хаамыытынан кылгыыр.
Алтынньы ый 8 күнэ – хаар түстэҕинэ, сэтинньи 21-гэр өрүһү таһаҕастаах атынан туорууллар. Хаппыыста тууһууллар.
Алтынньы 14 күнэ – Бокуруоп таҥара – кыһыҥҥы дьыл саҕаланыыта. Бу күнү өбүгэлэрбит дьыл кэлиитэ диэн билинэн туран, Дьыл оҕуһа муустаах байҕалтан тахсыытын кытта ситимнииллэр. Бу күн хаардаатаҕына, сэтинньи ый 21 күнүгэр диэри кыһын кэлиитин 40 хонук күүтэллэр. Хотуттан тыалырдаҕына – тымныы кыһын, арҕааттан тыалырдаҕына – сылаас кыһын буолар. Онтон Бокуруоп күн сылаас күн-дьыл турдаҕына тымныы түһэрэ хойутуур, тымныйдаҕына – тымныы эрдэлиир.
Алтынньы ый 17 күнэ – Кыһын саҕаланар, истээх таҥаһы кэтэр күн (Өрөппүөй)
Алтынньы ый 18 күнэ – Муус аннынан муҥхалааһын саҕаланар. Күөл тааҥныыр, сүөһүнү кыһыҥҥылыы аһатыы саҕаланар.
Алтынньы ый 23 күнэ – Ый муоһа түүн ортото уһуктаммыт буоллаҕына, хаардаах тыал түһэр.Тоҥоруу саҕаланар.
Декада диэн ый 10 хонук ааҕыллар:
I Декада- ый 1-10 күннэрэ
II Декада- ый 10-20 күннэрэ
III Декада- ый 20-30 күннэрэ
ИЛИН ЭҤЭР УЛУУСТАР:
Алтынньы ый илин эҥэр үгүс улуустарга былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ бастакы декадаҕа арыый да сылаас буолсу -түүнүн да улахан тымныйыы суох курдук, онон алтынньы сымнаҕас буолсу .Сөҥүүтэ урукку сылларга холоотоххо кэмчи соҕус буолсу.
Бу ый I Декадата урукку сылларга тэҥнээтэхх сылаас курдук. күнүс +6С+4С кыраадыс сылаас, түүнүн -3С -0С тымныы.
II Декада күнүс -6С-3С кыраадыс , түүнүн -9С -6С кыраадыс тымныы.
III Декада Күнүс -12С-8С кыраадыс сылаас, түүн -14С -12С кыраадыс тымныы буолсу.
КИИН УЛУУСТАР:
Ыйбыт бастакы декадата киин үгүс улуустарга хаардаах-ардахтаах буолсу.
Бу ый I Декадата урукку сылларга тэҥнээтэххэ сылаас, күнүс +6С+4С кыраадыс сылаас, түүнүн тымныы соҕус буолсу -2С 0С . I-III Декадаларга ардахтаах да,хаардаах буолсу. Ый II Декадатыгар күнүс -3-0С кыраадыс тымныы, түүнүн -7С -4 С кыраадыс тымныы.
III Декада хаара кэмчи соҕус буолсу көннөрү тымныйыыһык. Күнүс-12С-7С кыраадыс тымныы, түүн -15С -12С кыраадыс тымныы буолсу.
БҮЛҮҮ БӨЛӨХ УЛУУСТАР
Бүлүү эҥэр атын улуустарга холоотоххо алтынньы ый улахан сөҥүүлээх буолсу,бастакы декада көннөрү сөҥүүлээх буолсу, иккис үһүс декадаларга балай да хаардаах буолсу, алтынньы ый улахан тымныыта суох буолсу. Бу ый I Декадата күнүс +7С+4С кыраадыс сылаас, түүн -4С-1С тымныы. II Декада балай да сөҥүүлээх буолсу, халлаан улаханнык тымныйбакка идэһэ өлүүтүгэр уустуктаах буолсу, улахан тымныы суох, көннөрү тымныы буолсу, күнүһүн -5С-2С кыраадыс тымныы, түүнүн -8С-3С кыраадыс тымныы. III Декадаҕа ый бүтүүтэ хаардаах буолсу, күнүһүн -7С-5С кыраадыс тымныы, түүн -10С-8С кыраадыс тымныы.
ӨЛҮӨХҮМЭ, АЛДАН, НЕРЮНГРИ:
Соҕуруулуу Арҕаа улуустарга бастакы декада сөҥүүтэ кэмчи, былырыыҥҥытааҕар күнүһүн да түүнүн да сылаас буолсу, Бастакы декада ардахтаах буолсу, алтынньы ый бу улуустарга улахан тымныыта суох буолсу. Бу ый I Декадата күнүс +6С+3С кыраадыс сылаас, түүн -3С-1С тымныы. II Декада халлаан улаханнык тымныйыа суох, күнүһүн -3С-1С , түүнүн -5С-3С кыраадыс тымныы. III Декадаҕа ый бүтүүтэ хаардаах буолсу, -6С-3С кыраадыс тымныы, түүн -10С-6С кыраадыс тымныы.
ӨЙМӨКӨӨН УЛУУҺА:
Өймөкөөн Сахабыт Сирин муҥутуур тымныы улууһунан биллэр. Бу ааспыт сайын сөҥүүтэ кэмчи этэ да, бу ыйга эмиэ сөҥүүтэ суоҕун кэриэтэ. Бастакы декада да, иккис декада да хаара кэмчи соҕус буолсу, ол оннугар күннээх күннэрэ элбэхтэр,ый бүтүүтүн саҕана күнүһүн да түүнүн да тымныйыыһык. Бу ый I Декадата күнүс -5С-2С кыраадыс тымныы, түүн -9С-4С тымныы. II Декада көннөрү тымныы буолсу, күнүһүн -10С-6С кыраадыс тымныы, түүнүн -15С-11С кыраадыс тымныы. III Декадаҕа күнүһүн -14С-10С кыраадыс тымныы, түүн -19С-10С кыраадыс тымныы.
ҮӨҺЭЭ ДЬААҤЫ УЛУУҺА:
Үөһээ Дьааҥы Сахабыт Сирин биир эмиэ муҥутуур тымныы улууһунан биллэр, бастакы декадата былырыыҥҥытааҕар күнүһэ да, түүнэ да тымныы буолсу. Бастакы иккис декадаҕа сөҥүүтэ суоҕун кэриэтэ , арай үһүс декадаттан кыра хаардаах соҕус күннэр буолсулар. Бу ый I Декадата күнүс +3С+1С кыраадыс сылаас, түүн -4С-2С тымныы. II Декада күнүһүн -12С-9С кыраадыс тымныы, түүнүн -13С-10С кыраадыс тымныы. III Декадаҕа күнүһүн -15С-12С кыраадыс тымныы, түүн -20С-18С кыраадыс тымныы.
АБЫЙ, МУОМА, ОРТО ХАЛЫМА, ҮӨҺЭЭ ХАЛЫМА, АЛЛАРАА ХАЛЫМА, АЛАҺЫАЙ УЛУУСТАРА:
Халыма-Индигиир эҥэр улуустарга былырыыҥҥытыгар майгынныыр алтынньы буолсу. Ол курдук, сөҥүүлээх күннэрэ олох суох курдуктар, ый иккис, үһүс декадаларыгар күннээх ыраас күннэрэ ый аҥарын кэриэтэ элбэх буоланнар, дьиэ таһыгар үлэлииргэ кыстыкка бэлэмнэнэргэ, балыктыырга айылҕа анаабыт күннэрэ кэлииһиктэр. Бу ый I Декадата күнүс +3С+1С кыраадыс тымныы, түүн -6С-4С тымныы. II Декада күнүһүн -8С-6С кыраадыс тымныы, түүнүн -12С-10С кыраадыс тымныы. III Декадаҕа күнүһүн -13С-11С кыраадыс тымныы, түүн -18С-15С кыраадыс тымныы.
АНААБЫР, ӨЛӨӨН, ТИКСИИ:
Аартыка эҥэр улуустарга урукку сылларга тэҥнээтэххэ сөҥүүтэ олох кэмчи,декада аайы биирдии эрэ күн сөҥүүлээх буолсу.
Бу ый I Декадата күнүс -5С-3С кыраадыс , түүн -5 С-2С тымныы. II Декада күнүһүн -9С-5С кыраадыс тымныы, түүнүн -10С-8С кыраадыс тымныы. III Декадаҕа күнүһүн -12С-9С кыраадыс тымныы, түүн -14С-12С кыраадыс тымныы.
Тускул
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0