Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -19 oC

2024 сыллааҕы күһүҥҥү сиэссийэҕэ дьокутааттар дьону кытта тус көрсүһүүлэрин кыраапыга от ыйын 8 күнүгэр Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин 124 № дьаһалынан бигэргэтиллибитэ.

2024 сыллааҕы күһүҥҥү сиэссийэҕэ дьокутааттар дьону кытта тус көрсүһүүлэрин кыраапыга от ыйын 8 күнүгэр Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин 124 № дьаһалынан бигэргэтиллибитэ.

Балаҕан ыйын 25 күнүгэр Ил Түмэн Билимҥэ уонна үөрэххэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Антонина Григорьева кырасдааннары кытта тус көрсүһүүнү ыытта. Өрөспүүбүлүкэ 10 олохтооҕо норуот дьокутаатын кытта сирэй көрсөн, ону таһынан суругунан бэйэлэрин боппуруостарыгар хоруйдары туттулар.

KVA 7600

Антонина Григорьеваҕа кыраасданнар боппуруостарын ис хоһооно сүрүннээн социальнай кыһалҕаларга, үөрэхтээһин, дьиэ -уот, хомунаалынай хаһаайыстыба боппуруостарыгар уонна кырасдааннары сокуон өттүнэн көмүскээһиҥҥэ сыһыаннаах.

Сэрии бэтэрээнэ Е. кыыһа аҕатын даачатын учаастагын бэйэтин кыыһын аатыгар хаттаан эрэгэстэрээссийэлиир туһунан сүбэ-ама, чуолкайдааһын ылаары, норуот дьокутаатыгар тахсыбыт.

Дьокутаат болҕойон истэн, аҕаттан кыыска бэриллибит даача учаастагын хаттаан эрэгэстэрээссийэлииргэ, баай-дуол баар сиригэр боломуочуйалаах уорганы кытта сибээстэһиэххэ наадатын быһаарда. Билиҥҥи туругунан Дьокуускай куорат дьаһалтатын сир боппуруостарыгар кэмитиэти кытта билсиэххэ сөбүн эттэ. Хаттаан эрэгэстэрээссийэлиир туһунан сайабылыанньа, даача учаастагар бас билии буоларын туоһулуур докумуоннар, аҕа уонна кыыс сыһыаннарын бигэргэтэр докумуоннар наада буолуохтарын сөп. Даача учаастагын бас билиигэ туһааннаах докумуоннар хараллыбатах буоллахтарына, учаастакка быраапкын дакаастыырга суут уорганнарын кытта сибээстэһиэхтээххин.

Сайабылыанньа биэрээччи И. уолун дьиэтин аттыгар баар, эдьии­йэ үөрэнэр оскуолатыгар көһөрөргө көмө көрдөспүт.

Норуот дьокутаата тустаах оскуолаҕа анаммыт территорияҕа олорор дьону бастакы күөҥҥэ ылыыны учуоттаан, оскуолаҕа босхо миэстэлэр баар буоллахтарына, оҕону ханнык баҕарар оскуолаҕа көһөрүөххэ сөбүн быһаарда. Ол гынан баран, сорох оскуолаларга кылаастар үксүгэр толору буолаллар, бу балаһыанньаны эмиэ өйдүөххэ наада. Антонина Афанасьевна оскуола дириэктэрин кытта кэпсэттэ уонна сайабылыанньа биэрээччи боппуруоһа үчүгэйдик быһаарылынна.

Кырасданыын Ю. национальнай гимназияҕа тимир ууһун кыһатын атыылаһарга көмө көрдөстө. Инновационнай бырайыагы олоххо киллэрии чэрчитинэн, гимназия уол оҕону иитиигэ бастыҥ норуот үгэстэрин туһанар, онно өрөспүүбүлүкэ норуоттарын сыаналанар үгэстэрэ уонна инновационнай технологиялар куораты стандаартын усулуобуйатыгар холбоһуохтара. Култуура уонна норуот оҥоһуктарын харыстааччы, бөлүһүөк Б.Ф. Неустроев-Мандар Уус этнопедагогическай үгэстэригэр олоҕуруохтара.

 петров прием 1

Дьиэ-уот, сир

Кырасданыын О. Ил Түмэн экэниэмикэҕэ, инвестиционнай уонна бырамыысыланнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Павел Петровка дьиэ кыһалҕаларын быһаарыыга көмө боппуруоһугар тиийдэ. Сайабылыанньа биэрээччи сиһилии быһаарыыны уонна юридическэй сүбэни ылбыт. Боппуруоһу дьокутаат тус хонтуруолугар ылла.

1956 сыллаахха тутуллубут хааччыллыыта суох хаарбах дьиэҕэ олорор педагогическай үлэ бэтэрээнэ дьиэтин-уотун кыһалҕатын тупсарыыга кырасдаанка Я. Ил Түмэн Сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа баайыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкиҥҥа үлэлэһэргэ көрдөстө. Норуот дьокутаата Майа нэһилиэгин дьаһалтатыгар уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһун үөрэҕин управлениетыгар бэтэрээн учуутал олорор усулуобуйатын чинчийэргэ сурук ыытта. Маны таһынан, норуот дьокутаата бу дьиэ куттала суох дьиэлэр реестрдэригэр киирбитин-киирбэтэҕин быһаарарга эттэ.

Намҥа

Ил Түмэн Тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Атласов бэйэтин уокуругар – Нам улууһугар кыраасдааннары кытта тус көрсүһүүтүн ыытта.

атлас прием 1

Дьон сүрүннээн тыа хаһаайыстыбатыгар, фермердэргэ уонна чааһынай ыалларга субсидия көрүллүүтүн туһунан ыйыталаспыт. Ону таһынан, кинилэри тыа хаһаа­йыстыбатыгар боломуочуйалары биэрии, 2025-2030 сылларга тыа хаһаайыстыбатын үбүлээһин боппуруостара, каадыр бэлиитикэтин боппуруоһа долгутар. Норуот дьокутаата хас биирдии боппуруоска чуолкайдааһыннары оҥордо, сүбэлээтэ, кыһалҕалаах боппуруостары бэлиэтэннэ.

Кырасданыын Ж. дьокутааты кытта көрсүһүү кэмигэр, 1000 туонна кыамталаах хортуоппуйу харайар тутуу наадатын туһунан боппуруоһу көтөхпүтэ. Ону таһынан, тыа сиригэр тырахтарыыс, үлэһит тиийбэтиттэн долгуйарын биллэрдэ. Ыччаты дьарыктаах буолуу сулууспатын нөҥүө үөрэтэргэ этии киллэрдэ. Итиэннэ сайабылыанньа биэрээччи СӨ Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин ыытар граннарга куонкурустарын нэһилиэнньэҕэ кэмигэр иһитиннэрэр наадатын эттэ.

«Нам оройуонун холкуостара» (1927-1951) кинигэни хомуйан оҥорооччуларга көҕүлээһини (поощрение) олохтуурга этии киирдэ. Ону кытта Нам улууһун бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Софья Кобякова «Ыраах айан таһаҕасчыттарын хорсун сырыыларын туһунан» диэн Ааллаах-Үүн аатырбыт таһаҕасчыттарыгар анаммыт кинигэни үбүлүүргэ көрдөстө. Бу боппуруоһу дьокутаат тус хонтуруолугар ылла.

Сайабылыанньа биэрээччи П. «Дайыына» диэн бааһынай хаһаайыстыбатын гааһынан хааччыйыыга көмөнү, итиэннэ бу хаһаайыстыбаҕа уоту уонна гааһы холбуур «Дьиэ кэргэн хаһаайыстыбата» бырагыраамаҕа киллэриини көрөргө көмө көрдөстө.

Александр Атласов фермергэ граны ылар киһинэн юридическэй сирэй, эбэтэр бааһынай хаһаайыстыба тэрилтэтин салайааччытынан үлэлиир биирдиилээн урбаанньыт буолуон сөп диэн сүбэлээтэ. Итини тэҥэ, бааһынай хаһаайыстыбатын салайааччытын кытта аймахтыы, эбэтэр аймахтарынан холбоспут, кырата 1 дьиэ кэргэн чилиэнэ киириэхтээх, ол иһин грант “Дьиэ кэргэн хаһаайыстыбата” диэн ааттанар. Хаһаайыстыба сайабылыанньа биэрэр былааннаах сиригэр суруллуохтаах, сүрүн ирдэбилинэн тыа сирэ буолар. Сайабылыанньа биэрэргэ дьиэ кэргэн хаһаайыстыбата эрэгэс­тэрээссилэммит күнүттэн 12 ыйтан ордук кэм буолуохтаах. Грант ылар киһи судаарыстыбаҕа (нолуок, эбэтэр атын) болдьохтоох иэһэ суох буолуохтаах. Хаһаайыстыба урут грант ылбыт буоллаҕына, ылбыт күнүттэн кырата 36 ый ааһыахтаах уо.д.а.

Кырасдаанка Е. тэпилииссэ хаһаайыстыбаларыгар уоту уонна сылааһы хааччыйыы ороскуотугар субсидия ыларга көмө көрдөстө. Норуот дьокутаата олохтоохтор этиилэрин бэлиэтэннэ, хонтуруолугар ылла.

давыдова фото

Чөл туруктанаары

Кырасданыын Б. Ил Түмэн доруобуйа харыстабылыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Светлана Давыдоваҕа Уус Алдан улууһун сэллик диспансерыгар автомассыына наадатын туһунан эттэ. Кини кэлиҥҥи кэмҥэ сэллик диспансера  улууска сэллик эпидемиологическай көрдөрүүлэрин туруктаах оҥорууга сорох ситиһиилэрдээҕин эттэ. Итини тэҥэ, сэллик, социальнай суолталаах ыарыы быһыытынан, хаһан баҕарар ыарыы тарҕаныытын үөскэтиэн сөп. Нэһилиэнньэ сыллата флюорографияны ааһара наадатын туруоруста.

Норуот дьокутаата сайабы­лыанньа биэрээччини истэн сүбэлээтэ. Кырасданыын боппуруоһа үлэҕэ ылылынна.

Ил-Түмэн пресс-сулууспатын матырыйаалларынан сурулунна

Хаартыскалар Ил Түмэн пресс-сулууспатыттан

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением