Алтынньы 27 күнүгэр Бүлүүлүүр тыраак 34 км. анараа өттүгэр турар Сэне Билэн (Күүс-уох ылынар сир) диэн сиргэ эбэҥки норуотун кыһыны көрсөр Синилгэн (маҥнайгы хаар) бырааһынньыга буолан ааста. Быйылгы Синилгэн саҥа сиргэ - Аполлон Константинович Ильинов аатынан төрүт олохтоох хотугу омуктар - эбэҥкилэр ородобуой общиналарын баазатыгар ыытылынна. Биллэрин курдук, бу сиргэ ааспыт сылтан ыла Раиса Анатольевна Ильинова тэрийиитинэн таба иитиитинэн дьарыктанар община үлэлиир.
Тэрийээччилэр бэлиэтээбиттэринэн, быйылгы Синилгэн бырааһынньыгар өрөспүүбүлүкэ эбэҥкилэрин ассоциациятын ытык кырдьаҕастара Галина Степановна Керегяева, Иван Михайлович Атласов быйыл 85 саастарыгар уонна Валентин Гаврильевич Исаков 75 сааһыгар ананан ыытылынна.
Бу тэрээһиҥҥэ Ил Түмэн төрүт олохтоох хотугу омуктар уонна Аартыка дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Елена Голомарева кыттан, кэлбит ыалдьыттары уонна бу күнү бииргэ үөрэ-көтө көрсөр үбүлүөйдээх ытык кырдьаҕастары эҕэрдэлээтэ, сис кэмитиэт Бочуотунай Кыраамататын туттарда. Елена Христофоровна ытык кырдьаҕастарга дириҥ махталын биллэрэн туран, Г.С. Керегяева, И.М. Атласов, В.Г. Исаков 1990- сыллар саҕаланыахтарыттан ыла күн бүгүҥҥэ диэри эбэҥки норуотун төрүт үгэһин, култууратын харыстааһыҥҥа уонна аҕыйах ахсааннаах омук быһыытынан быраабын көмүскээһиҥҥэ дьоһун, боччумнаах үлэни ыыппыттарын, билигин да салгыы туруулаһалларын бэлиэтээтэ уонна уһун олоҕу, чэгиэн доруобуйаны баҕарда.
Синилгэн күнэ үгэс курдук Ытык таба нөҥүө ыалдьыты көрсүү сиэрин-туомун толоруунан саҕаланна. Ол кэннэ аал уоту аһатыы, ньымаат, Сивалакун - айыылартан көрдөһүү, байанай тардыытын сиэрдэрэ-туомнара толорулунна. Салгыы оонньуулар, күрэхтэр ыытылыннылар.
Ол курдук эбэҥкилии төгүрүктээн үҥкүүлээһиҥҥэ Г.С. Керегяева аатыгар үҥкүүнү таһаарааччылар, тылын толорооччулар куонкурустара биллэриллэн, кыайыылааҕынан Эдьигээнтэн Пелагея Львова Эдьигээннии эргиир үҥкүүтүн толоруутунан таҕыста. Иккис кыайыылааҕынан ыраах Магадан уобалаһыттан ХИФУ-га 2 кууруска үөрэнэр Екатерина Судинова ааттанна.
Оттон И.М. Атласов аатыгар «Амтыл хоктолитын» (Өбүгэлэрбит ыырдарынан) 6 түһүмэхтээх Тайҕа эстафетатыгар бастакы миэстэни «Красный Маяк» (Исаковтар), иккиһи «Сигундер», үсүһү «Гиркил» хамаандалар ыллылар уонна сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланнылар. Ону таһынан, сыал ытыытыгар биирдиилээн күрэхтэһии ыытылынна.
Маҥнайгы хаар үҥкүүнү кытта ханыылыы, бу күн хаар кыырпахтарын кытта "Гиркилэн" үҥкүү ансаамбылын кэрэ куолара бырааһынньык киэргэллэрэ буоллулар. Ансаамбыл Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан култуура киинин иһинэн үлэлиир, бу бырааһынньыкка улахан дьон уонна оҕолор бөлөхтөрө буолан кытыннылар. Фольклорнай ансаамбыл талааннаах салайааччыта Анастасия Куличкина эбэҥки норуотун култууратын харыстааһыҥҥа, тарҕатыыга бэрт таһаарыылаахтык, бэрииниилээхтик үлэлиирин бэлиэтиэххэ сөп.
Синилгэн - эбэҥки норуотун кыһыҥҥы булка тахсыыга сиэрин-туомун көрдөрөр, былыргы үгэстэри кытта ситимнээх тэрээһин, бырааһынньык. Эбэҥкилэр уутуйан олохсуйбут улуустарыгар дьон-сэргэ сэҥээриитин ылар буолла, араас форманан ыытыллар, тарҕанар. Улахан да дьоҥҥо, оҕолорго да ананан ыытыллар.
Хаартыска ааптар түһэриилэрэ
- 5
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0