Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -18 oC

Таатта улууһун Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйын аатынан Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар ааспыт нэдиэлэҕэ үөрүүлээх күн тосхойдо. Ыччаты араас идэҕэ уһуйар үөрэх кыһатыгар икки мастарыскыай аһылынна.

Таатта улууһун Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйын аатынан Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар ааспыт нэдиэлэҕэ үөрүүлээх күн тосхойдо. Ыччаты араас идэҕэ уһуйар үөрэх кыһатыгар икки мастарыскыай аһылынна.

Тимир уустарын уһуйарга аналлаах, бары өттүнэн толору сэбилэммит литейнэй мастарыскыай уонна тыа хаһаайыстыбатын үлэтигэр туттуллар тиэхиньикэҕэ аналлаах мастарыскыай баар буоллулар.  Мастарыскыайдар иккиэн билиҥҥи сайдыылаах олох бары ирдэбиллэригэр толору эппиэттиир компьютернай технология бары көрүҥүнэн толору хааччыллыбыттар.

Дьоро түгэни Орто Амма нэһилиэгин “Дабайыы” алгысчыттарын түмсүүтэ бары сиэри-туому тутуһан арыйдылар. Ол кэнниттэн үөрэхтээһин холбоһугун дириэктэрэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна Анна Васильевна Мосоркина эҕэрдэ тылынан үөрүүлээх тэрээһин анал чааһын саҕалаата.

Барыта 19 мөлүйүөнтэн тахса суумалаах мастарыскыайы анаан биэрбит Үөрэх уонна билим министиэристибэтин салалтатыгар барҕа махталын тиэрдэрин эттэ. Үлэ бастыҥнарыгар наҕараадалары туттарда. Учуутал Диана Егоровна Соломонова «СӨ үөрэҕириитин туйгуна» үрдүк ааты сүктэ. Дириэктэри үөрэх, производство чааһыгар солбуйааччы Ульяна Васильевна Егорова, бухгалтер Анастасия Алексеевна Лексекюна СӨ Үөрэх уонна билим министиэристибэтин Бочуотунай грамотатынан наҕараадаланнылар.

Бу үөрүүлээх күҥҥэ быһа холбонуунан Үөрэх уонна билим миниистирин бастакы солбуйааччы М.Ю.Присяжнай уонна Таатта улууһун Ытык киһитэ Б.Ф.Неустроев-Мандар Уус бэйэлэрин истиҥ эҕэрдэлэрин тиэртилэр, кэскиллээх үлэҕэ ситиһиилэри баҕардылар. Кыһыл лиэнтэни дохсун ытыс тыаһын доҕуһуолунан үөрэхтээһин холбоһугун дириэктэрэ А.В. Мосоркина, Ил Түмэн дьокутаата П.Д. Рахлеев, улуус баһылыгын солбуйааччы С.В. Сунхалыров кырыйар чиэскэ тигистилэр.

Салгыы Ил Түмэн дьокутаата П.Д. Рахлеев, улуус баһылыгын солбуйааччы С.В. Сунхалыров, Таатта улууһун үөрэҕириитин салаатын начаалынньыгын солбуйааччы И.И. Тарабукин, “Манчаары оонньууларын» тэрийэр дириэксийэ салайааччыта П.Е. Захаров эҕэрдэ тылы эттилэр. Кинилэр тыа сирин сайдыытыгар тирэх буолар идэлэргэ уһуйуллар ыччаттарга олус наадалаах мастарыскыайдар арыллыбыттарыттан үөрэллэрин уонна бу мастарыскыайдар кыахтарын толору туһанан үтүө үлэһит дьон иитиллэн тахсалларыгар төһүү буолуохтара диэн эрэнэллэрин тиэртилэр. Онтон маҥнайгы куурус устудьуона Владимир Слепцов эҕэрдэ ырыаны  толордо.

Аактабай саалаҕа олорон, аныгы сибээс көмөтүнэн мастарыскыайдары көрдүбүт, бары өттүнэн толору хааччыллыылаахтарын көрөн сөхтүбүт-махтайдыбыт. Бу мастарыскыайдар улуус үөрэҕириитигэр эмиэ тирэх буолуохтарын туһунан А.Е. Мординов аатынан Тааттатааҕы лиссиэй  дириэктэрэ И.А. Сивцева, улуус дириэктэрдэрин түмсүүтүн салайааччыта А.А. Миронов уонна үөрэхтээһин холбоһугун дириэктэрэ А.В. Мосоркина сөбүлэҥҥэ илии баттаатылар, бииргэ үлэлээһин суолтата уонна туһата үгүс буолуоҕун туһунан эҕэрдэлэригэр бэлиэтээн эттилэр.

Быйылгы “Сыл бастыҥ устудьуона” өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһии номинана, баһаарынай идэтигэр уһуйуллар Александр Оконешников устудьуоннар ааттарыттан харда махтал тылын тиэртэ.

Үөрүүлээх чаас кэнниттэн тэрээһин кыттыылаахтара мастарыскыайдары кэрийэн, сыныйан көрдүлэр-иһиттилэр. Үөрэхтээһин холбоһугар сайдыыга сирдиир аныгы мастарыскыайдар баар буолбуттарыттан кэлбит эрэ барыта астынна.

Бу мастарыскыайдар салайааччыларынан литейнэйгэ А.А.Громов, тыа хаһаайыстыбатыгар туттуллар массыыналарга В.Н. Рахматуллин ананан үлэ үөһүгэр түстүлэр. Кэскиллээҕи өтө көрөн үлэлиир дириэктэр Анна Васильевна Мосоркина маастардары, уһуйааччылары Москубанан, Дьокуускайынан ыытан, араас куурустарга үөрэттэрдэ. Аны мантан ыла бу мастарыскыайдар тигинэччи үлэлээн, саха ыччатын үрдүккэ, сырдыкка сирдиэхтэрэ, дьоҕурдарын сайыннарыахтара диэн эрэл санаалаах бары үөрэн-көтөн тарҕастыбыт.

Валентина Кривошапкина,

Харбалаах.

Хаартыскалары ааптар тиксэрдэ

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением