Анал эпэрээссийэ кэмигэр Сулустаан Заболоцкай байыаннай дьайыы суонатыгар тиийэн, Донецкай Народнай Өрөспүүбүлүкэҕэ, Кировскайы чөлүгэр түһэриигэ үэлээбитэ. “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа өрөспүүбүлүкэтээҕи салаата Саха Сириттэн сылдьар байыастарга уонна Арассыыйа саҥа эрэгийиэннэригэр, Курскай уобаласка гуманитарнай көмөнү өрүү оҥорор.
«Байыанай дьайыыга волонтер быһыытынан хаста да сылдьыбытым, уолаттарга көмөлөспүтүм. Билигин быһаччы дьаһанар кэм кэлэн, фашизмы утары дьоруойдуу сэриилэһэр саллааттарбытыгар көмөлөһө барарга сананным. Бу күннэргэ «Биир ньыгыл Арассыыйа” Бүтүн Арассыыйатааҕы баартыйа бэрэссэдээтэлэ, РФ Куттал суох буолуутун Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Дмитрий Медведев Анал байыаннай дьайыыга баҕа өттүнэн барааччылар бөлөхтөрүн кытта сирэй көрүстэ. Хас биирдиибитин кытта кэпсэтэн баран, кини үтүөнү, ситиһиини баҕарда», — диэн санаатын үллэстэр Сулустаан Заболоцкай.
“Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа эригийиэннээҕи салайааччыта Сулустаан Заболоцкай бу баартыйа ситэриилээх кэмитиэтиттэн байыаннай дьайыыга кытта барар үһүс салайааччынан буолар.
Матырыйаал, хаартыскалар Саха сирэ саайтан
- 0
- 0
- 0
- 1
- 0
- 0