Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -37 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Сэтинньи 29 күнүгэр «Сахаагроплем» судаарыстыба бүддьүөтүн тэрилтэтигэр «Сылгыны үөрдээн иитии – урут, билигин уонна кэлэр өттүгэр» Бүтүн Арассыыйатааҕы научнай-практическай кэмпириэнсийэ ыытыллыаҕа.

Сэтинньи 29 күнүгэр «Сахаагроплем» судаарыстыба бүддьүөтүн тэрилтэтигэр «Сылгыны үөрдээн иитии – урут, билигин уонна кэлэр өттүгэр» Бүтүн Арассыыйатааҕы научнай-практическай кэмпириэнсийэ ыытыллыаҕа.

Кэмпириэнсийэ тыа хаһаайыстыбатын наукатын дуоктара, саха сылгытын боруодаларын уонна тииптэрин таһаарыы ааптардарыттан биирдэстэрэ,  М.Г. Сафронов аатынан Саха сиринээҕи Тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр үнүстүүт сылгыны силиэксийэлээһиҥҥэ уонна ууһатыыга лабораториятын сэбиэдиссйэ Реворий Иванов 70 сааһыгар ананар.

Тэрийээччилэр: Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтэ, «Сахаагроплем» СБТ, М.Г. Сафронов аатынан ССТХНЧИ уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы сылгы иитиитин научнай-чинчийэр үнүстүүтэ.

Москубаттан, Бүтүн Арассыыйатааҕы сылгы иитиитин научнай-чинчийэр үнүстүүтүн уонна сылгылаах эрэгийиэннэр, Татарстан, Башкортостан, Бурятия өрөспүүбүлүкэлэриттэн, Новосибирскайтан учуонайдар кэлэллэрэ күүтүллэр. 

Кэмпириэнсийэ чэрчитинэн Племенной үлэ мусуойугар Саха АССР үтүөлэх зоотехнига Мария Маппырова аатын иҥэрии сиэрэ-туора тэриллиэҕэ, ахсынньы 1 күнүгэр «Саха сүөһүтэ» генопуонда тэрилтэтин Ньурба улууһун Маалыкайдааҕы салаатыгар сылгы баазатын аһыллыыта буолуоҕа диэн Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Хаартыска ТХАҮөМ саайтыттан 

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
Уопсастыба

Үбүлээһин аччатыллыбат

Буолаары турар пленарнай мунньаҕы көрсө норуот дьокутааттара «Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2027…
22.11.26 15:36
Уопсастыба

Куоркун турнирын түмүктэрэ

Сэтинньи 20-21 күннэригэр Дьокуускайга ыытыллыбыт Д.П. Куоркун кэриэһигэр көҥүл тустууга…
22.11.26 14:21