58 саастаах Роман Попов оҕо эрдэҕиттэн экстремальнай айаны сөбүлүүр айанньыт, соҕотоҕун сылдьан бултуур, аар тайҕа устун сатыы хаамар сылгыһыт, дойдутун Сунтаар диэки сылдьыбатах сыһыыта, хоммотох үүтээнэ суох.
«Билигин куоракка таһааран ыытан кэбистэххитинэ, мунуох курдукпун, оттон ойуурга күнү-ыйы сирдэтэн сылдьабын. Ыраах айаҥҥа күүстээх санаалаах киһи турунар, санаа күүһэ барыны-бары кыайар. Куттанар киһи кыайан барбат.
Биһигини бүтүн нэһилиэк дьоно атаарбыта, ол иһин Монголияҕа барабыт диэн этэн баран хайдах тохтоон хаалыахпытый? Саха ньоҕойун киллэрэн иннибит диэки түһүнэ турдубут.
Суолга ыраах рейсэҕэ сылдьар суоппардар биһигини көрөн тохтоон, астарын туппутунан кэлэн кэпсэтэллэр, туох наадатын ыйыталаһаллар. Социальнай ситиминэн биһигини дьон билэн-көрөн, нэһилиэк аайы толору астаах сылаастык көрүстүлэр», — диэн кэпсиир кини.
Роман Попов эдэр сылдьан Монголияҕа сулууспалаабыта, от үлэтин эрдэ үмүрүппүтэ буоллар, Гоби кумах куйаарыгар тиийэр ыра санаалааҕа. Аан дойдуну сэриилээн ылбыт улуу Чингисхаан дойдутун атынан тиийэн илэ хараҕынан көрөр, сылгы үөрүн иитэргэ үйэлэри уҥуордаан кэлбит үтүө үгэстээх норуоту кытта атах тэпсэн олорон билсиэн баҕарара.
Ол ыра санаата айанньыттар суолларын күнүс күлүмүрдэс күн буолан, түүн толбоннурар ый суһумунан сырдатан биэрдэ. Аар тайҕа тойоно тыатааҕы, сур бөрө иннилэригэр-кэннилэригэр хаама сырыттылар, сааны ыларга көҥүл наада, ону бэрийэргэ, көрөргө-истэргэ эмиэ улахан эппиэтинэс диэн айанньыттар быһахтаах-сүгэлээх эрэ барбыттара. Иркутскай уобалаһынан, Бурятия устун, Байкал кытылынан атынан тобугуратан истэхтэринэ сылгыларын иһэ ыалдьан, кырылас тааска атахтарын эчэтэн, ыҥыырга көхсүлэрэ бааһыра сырытта даҕаны, хата этэҥҥэ аһарынан, Монголия кыраныыссатыгар тиийдилэр.
62 саастаах Геннадий Пустоляков кэпсииринэн, айан суола суох сиринэн хайалар, үрэхтэр быыстарынан күҥҥэ 30-35 км. аттарын сиэппитинэн сатыы хаампыттар. Икки аҥаар ый тухары үүтээҥҥэ, сиргэ хоно-хоно сороҕун сатыы, сороҕун атынан айаннаабыт дьон тымныйбакка, көһүйбэккэ, ыалдьыбакка этэҥҥэ сылдьан кэлбиттэрэ эт-хаан өттүнэн бэлэмнээхтэрин, тулуурдаахтарын туоһулуур. Биллэн турар, мээнэ киһи итинник ыраах айаҥҥа атынан ылбычча барбат.
Роман Попов айан аргыстаах, суол доҕордоох диэн санаанан салайтаран, Геннадийы Монголияҕа атынан барсыаҥ этэ дуо? — диэн ыйыппытын киһитэ тута сөбүлэспит. Онон аргыһын ыра санаатын ыһымаары, кинини түһэн биэримээри иннин хоту дьулуруйан испит.
«Мин тохтоотум даҕаны Роман соҕотоҕун Монголияҕа барбат, онон кини баҕа санаата туоларыгар улахан эппиэтинэстээх этим. Бачча ыраах айаҥҥа биирдэ даҕаны этиспэккэ, ар-бур дэһиспэккэ, кыыһырсыбакка этэҥҥэ кэллибит. Ити эмиэ бэйэтэ туһунан ситиһии.
Бүрээттэр айанньыты таҥара курдук көрөллөр, ханна да тиий, ытыс үрдүгэр түһэрэллэр, кинилэр итэҕэллэринэн, айан киһитин аһаппатахха, кинини маанылаабатахха саамай түктэри, үрдүкү Айыылары кэлэтэр быһыы эбит. Онон баардарын-суохтарын барытын хостоон, остуолга эмис сыалаах эти хоточчу ууран биэрэллэр. Кинилэр эмиэ биһиги курдук баччаларга идэһэлэрин астыыр кэмнэрэ», — диир кини.
Хомойуох иһин, Москубаттан көҥүл кэлбэккэ аттарынан Монголияҕа кыайан тахсыбатылар, кыраныыссаҕа хаалларан баран массыынанан Улан-Баторы, Чингисхаан түмэлин көрөн астынан-дуоһуйан кэллилэр.
Төннөр суолларыгар бүрээт доҕотторо аттарын улахан массыынанан тиэйэн биэрэн, түөрт аҥаар суукка айаннаан кэллилэр. Суоппар Эдуард Данзанов билигин Бурятияҕа саха айанньыттарын кэрэхсии көрөн, олохтоохтор эмиэ атынан ыраах айаҥҥа турунуохтарын баҕаралларын туһунан кэпсээтэ. Онон биһиги дьоммут үтүө холобур буолбуттар.
Сунтаар улууһун дьаһалтата сылгылары, айанньыттары дойдуларыгар массыынанан тиксэрэн биэрбит дьоҥҥо махтанан туран, 300 000 солк. биэрдэ.
Роман Попов билигин саха хантан кэлбитин туһунан хас да түөрүйэ баарын, онтон биирэ Байкалтан кэлбиттэр диирэ олоҕо суоҕун туһунан санаатын үллэһиннэ.
«Саха дьоно былыр Байкал тула олорбуттар диэни олох итэҕэйбэтим. Анараа ынаҕы-сүөһүнү иитэргэ табыгаһа суох, таас хайа дойду, ол быыһынан үрэхтэр сүүрэллэр, киэҥ нэлэмэн оттоох ходуһа, мэччирэҥ сирэ, алаастар суохтар. Кыра ходуһаны сэдэхтик сөрдөххө улахан үөрүү», — диэн этэр.
Саха Сириттэн Монголияҕа тиийэ ыҥыырдаах атынан тыалы, ардаҕы, хаары ортотунан ааспыт дьон инникитин устубут видеоларын түмэн, киинэ оҥоруохтарын, кинигэ суруйуохтарын баҕараллар. Хадан нэһилиэгэр чахчы кытаанах майгылаах хатан дьон олороллор, кинилэр киһи биэнсийэҕэ тахсан баран кырыйдым-сааһырдым диэбэккэ аан дойдуну кэрийиэн, эт-хаан өттүнэн хамсана сылдьыан сөбүн ырылхайдык көрдөрдүлэр.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ, атынан айан телеграм ханаалтан.
Сиһилии «Ил Түмэн» хаһыат кэлэр нүөмэригэр ааҕыҥ.
- 1
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0