Урут «Сайсары» ырыынагыттан эмис собону атыылаһан, үөһүн хостуу турдахпына быһахха сигэнэн, уп-уһун лиэнтэ субуллан тахсыбыта. Хаһыытыы түспүтүм да барытын быраҕан кэбиспитим уонна хас да сыл собону сиэбэккэ сылдьыбытым. Онтон күһүҥҥү дьаарбаҥкаттан күндүөбэй (ряпушка) балыгы ылан, ыһаарылаары туран, кутуругун диэкиттэн маҥан семечкэҕэ майгынныыр личиинкэни ороон таһаарбытым. Ол кэнниттэн ити балыгы сиэбэт буолбутум. Аны бу сырыыга үөннээх чыыр түбэстэ.
Биллэн турар, балыгы үчүгэйдик буһардахха, дьиҥэр, үөн ыамата өлөр. Билигин собону ыраастыахпын, иһин хостуохпун илиим тардар, күндүөпкэҕэ эмиэ чугаһаабаппын. Маҕаһыынтан ылыллыбыт ыыһаммыт уонна тууһаммыт чыыры буһаран сиэбэккин, онон үөн түбэстэҕинэ, сэрэхтээх. Мин тута «Скиф» маҕаһыыныгар тиийбиппэр:
– Уомул балыгы тута кутуругун диэки этин быһан көрөбүт. Билигин хас үһүс балык үөннээх. Чыырга үөн суох дии санаан, көрбөтөхпүт даҕаны, — диэтэ атыыһыт дьахтар.
Өрүскэ тоҕуллар кирдээх ууттан балык үөннэнэр
«Скиф» маҕаһыынын сэбиэдиссэйэ Татьяна Соколова бу түбэлтэни маннык быһаарда:
– Балыкка түбэспит үөн личиинкэтэ киһиэхэ куттала суох буолуон сөп, балыгы тоҥорон баран харайаллар, -18-20С рефрижератордаах контейнерга 30 сууккаттан тахса сыттаҕына үөнэ өлөр. Тоҥоруллубут балыгы астыахтарын иннинэ иһин-үөһүн орууллар, онно үөннээх буоллаҕына көстөр.
Сорох атыылаһааччылар балыгы кууһунан ылан, улууска ыыталлар, биллэн турар, хас биирдии балыгы арыйан көрбөккүн. Өскөтүн үөннээх түбэстэҕинэ биһиги балыгы уларытабыт, эбэтэр харчыларын төнүннэрэбит.
Чыырга, муксууҥҥа финноз баарын өйдөөбөппүн, дьиҥэр, ыраас балыктар ахсааннарыгар киирэллэр. Туустаах чыыр этин быһан баран атыылыыллар, үөн баара биллиэ этэ. Оттон уомулга үөн ыамата үгүстүк көстөр, онон атыыһыттар этин быһан бэрэбиэркэлииллэр.
Балык үөннэнэр сүрүн төрүөтэ диэн кирдээх ууну, убаҕас тобоҕу өрүскэ тоҕоллор, итинтэн сылтаан, уубут киртийэр. Ырыынактан атыыластахха, үөннээх собо эмиэ элбээтэ. Тулалыыр эйгэбит, айылҕабыт айгыраабытын түмүгэр итинник түбэлтэ тахсар. Онон балыгы сииргэр рулетка курдук хаһан туох түбэһэрин билбэккин.
Күһүҥҥү балык төһө өр морозильникка сыппытын, үөнэ чахчы өлбүтүн-суоҕун хантан билиэххиний. Ол иһин санаам уоскуйбакка Роспотребнадзорга эрийэ сырыттым. Төлөпүөн анараа уһугар: «2030 с. диэри мораторий быһыытынан урбаанньыттары бэрэбиэркэлиир бобуллубута, борокуратуура көҥүллээтэҕинэ биирдэ чинчийэбит. Сурук суруйан хаалларыаххытын сөп», — диэтилэр.
Тымныыга үөн өлөр
Ил Түмэн тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, урукку өттүгэр СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов үөннээх балык туһунан санаатын бу курдук үллэһиннэ:
– Ас-үөл эйгэтигэр үлэлиир урбаанньыттары бэрэбиэркэлээмэҥ диэн мораторий, дьиҥэр, суох. Роспотребнадзор Саха Сиринээҕи салаатын саайта иһитиннэрэринэн, 2024 с. тоҕус ыйын иһигэр 339 балыгы уонна муора бородууксуйатын чинчийбиттэр. Ол иһигэр 26 санитарнай-химическэй, 14 физико-химическэй, 102 микробиологическай, 39 радиологическай, 158 паразитологическай чинчийии оҥоһуллубут. Онтон балык бородууксуйатын 2,6% микробиологическай, паразитологическай нуормаҕа эппиэттээбэтэ биллибит. Үөрэтиллибит эттиккэ патогеннай үөннэр, токсичнай элэмиэннэр, пестицидтэр, гистаминнар, радионуклидтар суохтар диэн быһаарбыттар.
Балык атыыга тахсыан иннинэ санитарнай хонтуруолу ааһар. Ол эрэн атыылаһааччы балыктан үөнү булуо суоҕа диэн мэктиэлээбэттэр.
СанПиН 2.3.4.050-96 нүөмэрдээх санитарнай быраабылатын быһыытынан, балыкка аҕыйах үөн баара көҥүллэнэр эрээри, 5.2.9. пуун этэринэн, чинчийиллэр балыкка саатар биир эмит гельминт тыыннаах личиинкэтэ көһүннэҕинэ, бүтүн баартыйаны атыыга таһаарыа суохтаахтар. Балык киһи доруобуйатыгар куттала суох буоларын хааччыйыахтаахтар. Роспотребнадзор нэһилиэнньэттэн киирэр хас биирдии үҥсүүнү көрөр-истэр.
Санитарнай ирдэбил быһыытынан, балыкка тыыннаах үөн суох буолуохтаах. Маны ситиһэргэ балыктыыр учаастакка көмүс хатырыктааҕы хаптардылар да -25 С холодильникка, онтон -18-25С рефрижератордаах контейнерга харайаллар. Тымныыга үөн өлөр. Өрөспүүбүлүкэҕэ тоҥоруллубут, ол аата киһи доруобуйатыгар куттала суох балык киирэр.
Улуустарга балык бэтэринээр бэрэбиэркэтин ааһар. Атыыга «Меркурий» ситимигэр бэлиэтэммит, бэтэринээр көҥүлүн ылбыт эрэ балыгы таһаараллар. Ол докумуону ыларга бородууксуйаҕа сыстыганнаах ыарыы, үөн баарын-суоҕун чинчийэллэр.
Холобур, биир баартыйаттан лабораторияҕа балык хас биирдии көрүҥүттэн 3-4 киилэни ыыталлар. Онно бородууксуйа микробиологическай чинчийиини ааһар, гельминт үөнүнэн сутуллубутун-суоҕун көрөллөр.
Биир даҕаны үөннээх балык көстүбэтэҕинэ, баартыйа ырааһынан ааҕыллар, ол эрэн, элбэх туонналаах балыгы барытын бэрэбиэркэлиир кыаллыбатынан сибээстээн, үөннээх балык син биир түбэһиэн сөп. Ветеринарнай-санитарнай чинчийиини ааспыт эрэ бородууксуйаҕа тустаах туоһу суругу биэрэллэр. Онтон балыгы ханна ыыппыттарын «Меркурий» нөҥүө көрөн олороллор.
Дьон сайыҥҥы балыктан сутуллар
Марина Выгузова, Дьокуускай куорат Мэдиссиинэ киинин инфекционист бырааһа:
— Үөннээх балыгы сиэбит киһи кыччаабыта икки ый буолан баран яйцеглист анаалыһы туттарыахтаах. Үөнүнэн сутуллууну сэрэтэр, ону тохтотор эми анаабаттар. Анаалыс түмүгүнэн эрэ күүстээх эми биэрэллэр.
Киһи хойуутун кытта үрүҥ лиэнтэҕэ майгынныыр үөн бэйэтэ тахсар, сорох дьон аһыыра элбиир, истэрэ ыалдьар, убаҕаһынан таһаараллар. Үөн икки ыйынан ситэр, уһуна 10 миэтэрэҕэ тиийиэн сөп, аны ыаматын хааллараары төрүүр-ууһуур. Биллэн турар, итиччэ уһун үөн биирдэ тахсыбат, 20-50 см. бысталанан тахсар. Бу үөн синньигэс оһоҕоско олохсуйан, иҥэмтиэлээх эттиктэри оборор, атын уоргаҥҥа сыстыбат.
Саха Сиригэр үөн үс көрүҥэ баар: кэтит лентец, бычий цепень уонна энтеробиоз. Бычий цепень собоҕо, кэтит лентец уомулга, чыырга, күндүөбэйгэ баар. Маннык ыарыылаах дьон хойуулара кэлин өрүскэ түһэр, моллюскалар ону сииллэр, оттон кинилэринэн балыктар аһылыктаналлар, салгыы үөннээх балыгы киһи сиир. Итинник эргиир бара турар.
Сайыҥҥы балыгы, чуолаан тугуногу, күндүөбэйи, сордоҥу о.д.а. дьиэҕэ тууһаан, ыыһаан сиир сэрэхтээх. Дьон үксэ итинтэн сутуллар. Кыһыҥҥы балыкка -30С тымныыга үөн өлөр. Ол иһин балыгы кыһын эрэ кыһан сиибит, быһа туран, этин сааһын көрөбүт.
Муора балыгар, кыһыл искэххэ баар паразиттар киһи куртаҕын аһыы эйгэтигэр өлөллөр.
Балыгы сөбүлүүр дьон яйцеглист анаалыһы сыл ахсын туттарыахтаахтар. Өскөтүн үөн баара билиннэҕинэ, киһи ыйааһыныттан көрөн эмп дуозатын аныыллар, ону биирдэ эрэ иһэллэр. Сорох дьон сэрэххэ диэн иһэрэ табыллыбат, күүстээх эмп быарга охсуулаах буолуон сөп. Дуозатын сыыһа истэххэ, токсическай гепатит үөскээн, киһи саһарар. Онон сэрэххэ диэн итинник эми биэрбэттэр.
Балыгы атыылаһарга лиссиэнсийэлэрин, бородууксуйа тустаах бэрэбиэркэни ааспытын туоһулуур докумуоннарын ирдиэххэ наада. Бэтэринээр бэрэбиэркэтин ааспакка эрэ атыылыыр бырааптара суох. Тымныыга сыппыт балык үөнэ өлөр, буһардахха эмиэ. Онон сайыҥҥы балыгы булгуччу буһаран сиир ордук.
Үөн чиэрбэтэ сушига кытта тиийбит
Бу күннэргэ Дьокуускайга балыктан ураты үөн чиэрбэтэ сушига баарын туһунан социальнай ситимҥэ суруйбуттарын аахпытым. Бассаапка үөннээх балыгы хаартыскаҕа түһэрэн эмиэ ыытааччылар. Дьон үксэ кыра туустаах, тоҥоруллубатах, ол аата үөнэ өлбөтөх балыктан, искэхтэн сыстар. Иһигэр чиэрбэлээх киһи күҥҥэ 2 мөл. тиийэ үөн сымыытын таһаарар, ол тулалыыр эйгэҕэ тахсан, атыттары сутуйар. Онон буспатах балыгы сиэҥ иннинэ этин саас-сааһынан ырытан көрөр ордук.
Санитарнай, ветеринарнай сулууспалар ас хаачыстыбатын хонтуруоллаан, ирдээн истэхтэринэ, оттон балыксыттар ыраас балыгы аҕаларга кыһаннахтарына итинник түбэлтэ тахсара быдан аҕыйыа этэ. Маны таһынан, өрүскэ кирдээх ууну, убаҕас тобоҕу сүөкүүрү бопсор миэрэни ылыннахха, балыкка үөн ыһара эмиэ тохтуон сөп.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ уонна куйаар ситимиттэн.
- 1
- 0
- 0
- 3
- 0
- 1