Ааҕааччы ыйытыгар Арассыыйа Социальнай пуондатын Саха Сиринээҕи салаата маннык эппиэттээтэ:
- Уһук хоту уонна онно тэҥнэммит сиргэ олорор, саастарынан биэнсийэҕэ тахсыбыт дьон страховой биэнсийэтигэр, эбэтэр инбэлииттэринэн, иитэр киһилэрин сүтэрэн биэнсийэни анаттахтарына, оройуоннааҕы эбилик ааҕыллар.
Биэнсийэлээх киһи Уһук хоту олорорун пааспарыгар баар регистрациянан туоһулуур, оттон 14 саастарыгар диэри оҕолорго туоһу суругунан, атын дойду дьоно манна олорорго докумуону көрөдөрөллөр.
Арассыыйа олохтооҕо Уһук хоту олорорун туһунан сыл ахсын сайабылыанньа суруйан, Арассыыйа Федерациятын пенсионнай уонна социальнай страхованиетын пуондатыгар ыытыахтаах. Почта нөҥүө биэнсийэни ылар дьонтон олорор сирдэрин туһунан туоһу докумуон ирдэммэт.
Өскөтүн биэнсийэлээх киһи Уһук хоту иһинэн атын сиргэ көстөҕүнэ, холобур, Аартыка оройуоннарыгар, онно олохтоммут оройуоннааҕы эбилик ааҕыллан, төлөбүр үрдэтиллэр.
Уһук хоту 15 сыл үлэлээбит, эр дьон 25 сыл үлэ ыстаастаах, дьахталлар 20 сыл үлэ ыстаастаах түгэннэригэр страховой биэнсийэҕэ уонна инбэлииттэринэн төлөбүрү үрдэтии олорор сирдэриттэн тутулуга суох оҥоһуллар.
Уһук хоту киирэр сиргэ 20 сыл үлэлээбит, эр дьон 25 сыл үлэ ыстаастаах, дьахталлар 20 сыл үлэ ыстаастаах түгэннэригэр оройуоннааҕы эбилик олорор сирдэриттэн тутулуга суох ааҕыллар. Маннык дьаһал РФ Бырабыыталыстыбатын 2015 с. кулун тутар 18 күнүгэр тахсыбыт 249 № с ч. 12 ст. 17 уурааҕар уонна 2013 с. ахсынньы 28 күнүгэр тахсыбыт № 400-дээх страховой биэнсийэ туһунан федеральнай сокуоҥҥа сигэнэн оҥоһуллар.
Хаартыска: Парламентская газета.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0