Ол курдук, суолга саахал тахсыытыгар буруйдаах дьон үгүстэрэ эппиэтинэһи сүгэр дуогабары түһэрсибэтэх буолаллар эбит. Бу туһунан Сергей Миронов ити боппуруоска аналлаах онлайн-мунньахха эппит. Кэлиҥҥи кэмҥэ тимир көлөлөөх дьон гражданскай эппиэтинэһи ылынарга страховка дуогабарын (ОСАГО) түһэрсиилэрэ адьас аҕыйаабыт. «Бүгүҥҥү күҥҥэ дойду үрдүнэн тимир көлөлөөх эрээри, страховка дуогабарын оҥорторбокко сылдьар дьон ахсаана 5 мөл. тиийбитэ биллэр. Тоҕо итинник буолла? Сүрүн төрүөтүнэн страховой полис сыаната үрдээбитэ буолар. Итини тэҥэ, үгүс дьон үбэ-харчыта суох. Оччоҕуна быраабыланы кэһэн саахалы таһаарбыт суоппар страховой полиһа суох буоллаҕына, полистаах суоппар хайдах буоларый? Кини полиһа суох суоппартан харчы ылаары суукка барар дуо? Хаарыаннаах бириэмэтин онно барыырыгар тиийэр. Онон бу түгэҥҥэ страховой хампаанньалар буруйдаах киһи полиһа суоҕун да үрдүнэн тахсыбыт хорумньу ночоотун буруйа суох киһиэхэ тута харчынан төлүөхтэрин наада. Онтон салгыы буруйдаах киһиттэн ол биэрбит харчыларын ирдэһэллэр», – диэн бэлиитик этэрэ оруннаах.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0